Бүгүн Нам улууһун Хатырыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи харах клиническэй балыыһатын быраастара үлэлээтилэр. Сарсын эмиэ салгыы олохтоохтору көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ, харах ыарыытыгар, мөлтөөһүнүгэр сыһыаннаах кыһалҕалаах дьон ыйытыыларыгар хоруйдуохтара.
Бу күн устата утуу-субуу аҕам саастаахтар, ким туох техникалааҕынан кэлэннэр уочарат субуллар. Кырдьаҕас дьон быһыытынан уочараттыы олорон ээр-сэмээр халаан туһунан сэһэргэһэллэр. Уу кэлиитин кэмигэр салгын тымныыта, тыал-куус түһүүтэ доруобуйаҕа охсуулаах буолара саарбаҕа суох.
«Хатырык нэһилиэгин олохтоохторун көрдөһүүлэринэн, туруорсууларынан Ил Дархан Айсен Николаев, СӨ Доруобуйа харыстабылын министерствотын сорудаҕынан, халаан уутугар эмсэҕэлээбит нэһилиэккэ «Газель» массыына баазатыгар оҥоһуллубут көһө сылдьар офтальмологическай комплекспытын аҕалан олохтоохтор харахтарын көрөр үлэбитин саҕалаатыбыт. Олохтоохтор манна харах ыарыытын быһаарыга, итиэннэ кэһиллии баарын-суоҕун билэр толору чинчийиини ааһаллар. Ол түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи харах клиническэй балыыһатыгар, эбэтэр Намнааҕы киин балыыһаҕа салгыы көрдөрүүгэ туһаайыы ылаллар», — диэн балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан үлэ ис хоһоонун быһааран биэрдэ.
Ксения Ноговицына, Хатырык олохтооҕо: «Комплекс иһигэр олус эйэҕэс сыһыаннаах икки быраас көрдө. Анал аппарааттарга көһөрө сылдьан харахпын көрдүлэр, сүбэ-ама биэрдилэр. Күһүн өрөспүүбүлүкэтээҕи харах клиническэй балыыһатыгар чинчийэн көрүүнү ааһарбар ыҥырдылар. Кыһалҕалаах дьоҥҥо маннык миэстэтигэр кэлбиттэригэр махталбытын тиэрдэбит. Кырдьаҕас дьон куоракка киирэн көрдөрүнэрбит биир кыһалҕа, олорон да хаалан харахпытын өссө бэргэтиэхпитин сөп этэ», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Семен Аргунов