Спорт суруналыыһын аан дойдутааҕы күнэ сыл ахсын от ыйын 2 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан улууска спорт сайдыытыгар хаһыат оруолун туһунан суруйуубун ааҕаргытыгар ыҥырабын.
Нам улууһугар спорт суруналыыстыкатын төрүттээччи “Эҥсиэли” хаһыат диэтэхпинэ сыыһыам суоҕа. Хаһыат страницаларыгар интэриэһинэй статистика, репортаж, сытыы ырытыы баар буоланнар, спорду олохтоохтор таптаабыттара, бу эйгэ дьонун ытыктаабыттара, өйөөбүттэрэ, киэн туттубуттара. Өйөбүл баар буолан кыайыылар да кэлбит буолуохтарын сөп. Манна, биллэн турар, сытыы, хомоҕой тыллаах бастакы спортивнай суруналыыстарбыт, биирдиилээн көрүҥҥэ тренердэр, спортсменнар, федерациялар салайааччылара, спорт инструктордар, энтузиастар, ветераннар өҥөлөрө улахан. Кинилэр: суруналыыстар, хаһыатчыттар В. Сыромятников,Т. Халыев, К. Олесов, оччотооҕуга саахымат оройуоннааҕы федерациятын председателэ Н. Алексеев, спорткомитет спорт инструктора А. Колосов, С. Ли-Фу, В. Ильин, спорт комитет председателэ Т. Карамзин, спорт ветерана С. Ядреев, дуобат федерациятын эппиэттиир секретара В. Еремеев, спорт маастара Афанасий Алексеев, РСФСР спордун маастара В. Кутуков, спорт ветерана П. Бугаев, остуол тенниһин федерациятын председателэ В. Егоров, 1 Хомустаах спорка дьиэтин директора А. Софронов, Роман Егоров, Е.Феофанов, дуобатчыт, тренер Р. Егорова, комментатор, энтузиаст И.А. Уваровскай уо.д.а.
Кинилэр дьон тылыттан, ким эрэ кэпсээбититтэн бэҕэһээ оннук буолла, маннык буолла диэнтэн буолбакка, түһүлгэ, герой ордук суолталааҕын, өйгө хатанарын таба көрөн суруйаллара. Спорт саамай тахсан эрэр уонна муҥутуур кэмигэр үлэлээбит, үгүс түгэннэри илэ харахтарынан көрбүттэрин, эт кулгаахтарынан истибиттэрин суруйбут, кэпсээбит, көрдөрбүт дьоллоохтор. Матырыйаалларыгар киириитэ, түмүгэ, ыстатыйалар ааттара бэргэнинэн сөбүлэтэллэрэ. Холобура: “Үс төгүл тоҕус -27”, “Бигэтик оонньуур дуобатчыт”, “Тирии мээчик тибигириир”, “Маастар маастара өттө”,” Иккистээн тиллии”, “Оһуохай — саха аэробиката”, “Күннээх тустуук этэ”,” Кыаҕы толору туһаныахха, “Кырдьан да баран кылыйыллар”, “Чулуулары баһыйда”, “Спортивнай олох чуумпурбат”, “Спорт уонна үлэ ини-биилэр”, “Көмүс мэтээллэр суһумнара”, “Ытыстарын сотуннардыбыт” о.д.а. Бу барыта тренердэр, спорт энтузиастарын үлэлэрин олоххо киллэриигэ, оҕолору интэриэһиргэтэргэ, спорка тапталы иҥэриигэ тиэрдибитэ. Онон спорт суруналыыстыкатын дьайыыта элбэх, көмөтө күттүөннээх.
“Эҥсиэли” хаһыаттан кынаттанан Россия суруналыыстарын, Саха сирин суруйааччыларын союһун чилиэннэригэр тиийэ үүммүт биһиги ытыктыыр, убаастыыр Онтуоммут спорка аналлаах 4 кинигэни суруйда. Анатолий Михайлович бастакы кинигэтин 2012 с. төрөөбүт 1 Хомустааҕар спорт сайдыытын “Нэһилиэкпит спордун историятын туоһулара” кинигэни таһаарбыта. 2014 с. “Спортивная Слава долины Эҥсиэли” диэн бүтүн улуус историятын суруйбута, 2022 с. “Аан бастакынан”, 2023 с. “Нам улууһун спордун сулустара” дьоһун кинигэлэр тахсыбыттара. Хаһыакка ытыс саҕа заметка оҕото бу курдук дьоһун үлэлэргэ, аакка-суолга тиэрдэр холобурун спортивнай суруналыыс, суруйааччы биһиги Онтуоммут көрдөрөр. Манна эбэн эттэххэ, талаан, суруйар кыдьык, баҕа спорду суруйарга кыра дии саныыбын. Анатолий Михайлович бэйэтин кэмигэр спортсмен, “СахаВА” волейболиһа, нэһилиэгэр спорт инструкторынан, спорт дьиэтин директорынан үлэлээн бу эйгэ кыһалҕатын, түһүүтүн-тахсыытын иһиттэн билэр буолан улууска спорт суруналыыстыкатын үрдүк чыпчаалга таһаардаҕа.
Билигин “Эҥсиэли” хаһыат эдэр суруналыыһа Харысхан спорт тематыгар хорутуулаахтык суруйар. Кини 2023 сыл түмүгүнэн Нам улууһугар «Бастыҥ спортивнай корреспондент» аатын ылбыта. Күрэхтэһии буоллун, спартакиада буоллун хобдох биир-икки тыллаах түмүктэринэн эрэ буолбакка, ырытан, идэлээх дьон санаатын ылан тиэрдэргэ дьулуһар.
Оттон биирдиилээн спортсменнартан интервьюлара, ыстатыйалара дириҥ ис хоһоонноохтор, герой санаатын, үөрүүтүн-хомолтотун, кыайыы-хотуу өрөгөйүн билбит иэйиитин уот харахха ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйарынан уратылаах. Суруналыыс быһыытынан элбэх күрэхтэһиигэ сылдьар, көрөр-истэр, кэтиир. Улуус таһымнаахтан саҕалаан бүтүн өрөспүүбүлүкэ, дойду улахан түһүлгэлэрин сырдаппыт уопуттаах. Итиэннэ спорка биир улахан интэриэһэ диэн — кини бэйэтэ спортсмен. Ол курдук гиирэнэн дьарыктанан саҕалаата, араас күрэхтэһиилэргэ кыттар.
Бу суруйуум бүгүҥҥү спорт суруналыыстарын күнүгэр ананар. Бүтүн улуус олоҕун, ол иһигэр спордун иһитиннэрэн-биллэрэн, суруйан историяҕа хаалларар үлэлээхпиттэн, онуоха хорутуулаах, киэҥ толкуйдаах, үгүс айар талааннаах суруксуттары кытта алтыһарбынан киэн туттабын. Итиэннэ билиҥҥи тренердэри, спорт инструктордары, физкультура учууталларын, спорт ветераннарын аҕа көлүөнэ холобурун батыһан санааҕытын, кыһалҕаҕытын, хаһыакка суруйуҥ, уопуккутуттан үллэстиҥ диэн ыҥырабын. Аҥаардас сыыппаранан, миэстэлэринэн, ким ханна тиийэн бэҕэһээ-бүгүн кыайбытын биллэрэр хобдох суруйуулары тохтотуохха, дьиҥ спорт суруналыыстыкатын өрө тутуохха!
Лена Ноговицына