От ыйын 11 күнүгэр Үөдэйгэ VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуулар кик-бокса көрүҥүн кыайыылаахтара кэлэн ыалдьыттаан аастылар. Оонньууларга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар 10 оҕо үрдүк ситиһиилэри дабайан 4 кыһыл көмүс, 4 үрүҥ көмүс, 2 боруонса мэтээли ылан үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Кикбоксаҕа СӨ сүрүн тренера Уйусхан Анатольевич Барашков салалтатынан оҕолор күүстээхтик дьарыктанан дьулуур-тулуур кытаанах тургутуутун ааһан сыалларын — соруктарын ситэн чаҕылыспыт, үөрбүт харахтара барыбытын долгутта.
«Азия оҕолоро» оонньуулар кыайыылаахтара З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын сылаас дьиэлээх интернатыгар олорон оскуола, нэһилиэк спортивнай саалатын баазатыгар дьарыктанан, оонньууларга бэлэмнэнэн сбордары ааспыттарын тренердар Уйусхан Барашков, «Олимпик» Намнааҕы спортивнай оскуолатын директора Юрий Сергеевич Балаганский, кикбоксаҕа тренер Дмитрий Валентинович Черноградскай Үөдэй орто оскуолатын директорыгар Вероника Ранвиловна Барашковаҕа, интернат сэбиэдиссэйигэр Мария Никитична Харитоноваҕа итии-истиҥ сылаас тылларын анаан туран, СӨ кикбокса федерациятын аатыттан махтал суруктары туттардылар.
Уйусхан Барашков: «Үөдэй үгүс элбэх спортсменнары иитэн таһаарбыт нэһилиэк буолар. Ураты тыыннаах, дьикти күүһү-уоҕу биэрэр буолан, улахан суолталаах күрэхтэргэ бэлэмнэнии быһыытынан манна кэлэн оҕолорбутун дьарыктыыбыт. Эдэр көлүөнэ спортсменнар сибиэһэй салгыҥҥа үрдүк мырааны дабайа сүүрэн, интернат иитээччилэрин минньигэс астарын аһаан күүс-уох ылан, онтон өссө кыаҕыран, эрчимирэн үрдүк кыайыыны ситистибит. Үөдэй оскуолатын истиэнэтиттэн күүстээх спортсменнар иитиллэн тахсыбыттара, олор истэригэр боксаҕа Европа, Аан дойду уонна Россия чемпионнара биллиилээх спортсменнар Василий Егоров, Петр Васильев эмиэ Үөдэй орто оскуолатын бүтэрбиттэрэ элбэҕи этэр” – диэн Уйусхан Анатольевич интернат коллективыгар, орто оскуола директорыгар өйөбүллэрин-көмөлөрүн иһин махтанна.
Юрий Балаганский: “Үөдэй орто оскуолатын директорыгар “Олимпик” Намнааҕы спортивнай оскуолатын коллективын аатыттан өр сыл бииргэ өйдөһөн үлэлэһэн кэлбит ситиһиибитинэн махтанабыт. Быйыл кикбоксаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин сборнай хамаандата, боксаҕа Нам сборнай оҕолоро быйыл Үөдэй орто оскуолатын баазатыгар интернатка холкутук олорон үс бэлэмнэнии дьарыгын аастылар. “Азия оҕолоро”, “Спортивные Якутяне” спартакиадаҕа оҕолорбут улахан ситиһиилэригэр сүдү кылааты киллэрсибиккитинэн барҕа махтал тылларын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны биир сүбэнэн эһигини кытта тэҥҥэ үлэлэһэ туруохпут” – диэн махтал тылларын этэн туран, кыайыыга, ситиһиигэ эрэллээхтик хардыылыырга бэлэмнэрин биллэрдэ.
Тренер Дмитрий Черноградскай Үөдэй оскуолатын интернатыгар инники да сыллартан хас даҕаны сбор буолан ааспытын, манна дьарыктаммыт оҕолор бары кэриэтэ үрдүк көрдөрүүнү ситиһэллэрин ахтан ааста. Үөдэй сирэ-уота күүс-уох биэрэн дьарыктыыр оҕолорбут бары күрэхтэргэ ситиһиилэрэ үгүс диэн, интернат коллективыгар махтанна.
VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуулар призердара бу күн саамай сүрүн ыалдьыттарынан буоллулар. Ол курдук, Ярослав Габышев (Нам) 51 кг 1 миэстэни, Маркел Саввинов (Нам) 48 кг 2 миэстэни, Машади Гусейнов (п. Кангаласс) 51 кг. 2 миэстэни, Дьулусхаан Яковлев (Ньурба) 57 кг 2 миэстэни, Роман Кобычев (Дьокуускай) 54 кг 3 миэстэни ылан үөрүүлэрин үллэстэ, интернат иитээччилэригэр сылаас ыраас дьиэҕэ, ийэлии сыһыаннаһан, минньигэс итии аһылыгынан хааччыйан, истиҥ сыһыаны бэлэхтээбиттэригэр махталларын тириэрдэн, хаартыскаҕа түһэн үөрэн-көтөн бардылар.
Оҕолор уонна тренердар от ыйын 10 күнүгэр Сахабыт сирин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаевы кытта көрсүбүттэрин истиҥник ахтан, онтон өссө көҕүлүүр күүһү ылан иннин хоту баран иһэргэ сорук ылынныбыт диэн бэйэлэригэр эрэллээхтэрин биллэрдилэр.
Екатерина Эверстова, Үөдэй