Нам улууһун Хатыҥ Арыы, Нам 1 уонна 2 №-дээх орто оскуолаларын 7-10 кылааһын үөрэнээччилэрэ ыам ыйын 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка идэлэри билиһиннэрэр «Идэҕэ туһуламмыт айан: киин куораппыт идэлэрэ» экскурсияҕа сырыттылар. Ол чэрчитинэн оҕолор Жатай техникумугар, «Эдэр көлүөнэ театрыгар» уонна ИТ-паркаҕа сырыттылар. Кинилэр техникумҥа уу суднотын ыытааччы, судно уотун, оборудованиетын көрөөччү, уу суолун туһаныыны хааччыйааччы, сыбааркаһыт, повар-кондитер, электромонтер о.д.а. идэлэри кытта билистилэр.
Оҕолор «Эдэр көлүөнэ театрыгар» кэрэ эйгэ үлэтин, киинэ, театр артыыстара «Театр аптаах эйгэтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар кыайбыт «Аммаяна» драматтан быһа тардан оруолларынан ааҕыыларын көрдүлэр. Оттон ИТ-паркаҕа оҕолор үрдүк технологиялары туһанан араас инновационнай бырайыактарга үлэлиир тэрилтэ иһиттэн үлэтин-хамнаһын билистилэр уонна кинилэр бары хайысхаларыгар үлэлэһэр резиденнэригэр сырыттылар. Инники идэлэрин талыыга көмөлөөх экскурсияҕа барыта 18 үөрэнээччи, 3 салайааччы сырытта. Ол туһунан Нам улуустааҕы үөрэҕин управлениетыгар иһитиннэрдилэр.
Касьян Олесов-Олук