ИДьУО иһитиннэрэр

Нам улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (22.04— 28.04.2024) уопсайа 73 иһитиннэрии киирбит.

Ол иһигэр:

  • эт-хаан эчэйиитэ – 2,
  • атын киһи малын алдьатыы — 1,
  • киһини сынньыы — 5,
  • арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 1,
  • сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо дьиэттэн күрээһинэ – 1,
  • хаһаайыннар көҥүллэрэ суох дьиэҕэ киирии — 1
  • түөкүннээһин – 2,
  • киһи доруобуйатыгар орто туруктаах эчэйиини оҥоруу  — 1,
  • өлөрүүнэн куттааһын — 2,
  • государственнай регистрацията суох предпринимательствонан дьарыктаныы — 1,
  • эрдэ буруйу оҥорон булуллубут-талыллыбыт малы атыылаһыы — 1,
  • өлүү – 1.

Нэдиэлэ устата барыта 426 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр 99 административнай боротокуол толорулунна:

-оҕону таһыы быраабылатын кэһии – 10;

-анал көҥүлэ суох (бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыта – 6;

-арыгы иһэн баран уруулга олоруу — 1;

-сатыы киһи суол быраабылатын кэһиитэ – 8;

-массыынаны стоянкаҕа туруоруу – 5.

Читайте дальше