ИДьУО ИҺИТИННЭРЭР

Нам улуустааҕы ИДьУО-гар нэдиэлэ устатыгар (27.05.2024 -02.06.2024 ) уопсайа 65 иһитиннэрии киирбит.

Ол иһигэр:

— уоруу — 3

—  өлүгү булуу – 2

— сымыйа сураҕы тарҕатыы — 1

—  ойуур баһаара – 1

— суол саахала  — 2

ГАИ линиятынан нэдиэлэ устата барыта 250 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр 96 административнай боротокуол толорулунна:

— Оҕону олордуу быраабылатын кэһии- 11

— Көҥүлэ суох(бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 8

— Арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 1

— Сатыы хаамааччы суол быраабылатын кэһиитэ — 9

— Стоянкаҕа барыта 6 массыына турда.

ИДЬУО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар, баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга харчыгытын ыытымаҥ!!!

Халлаан сылыйбытынан оҕо-аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар кааскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка светоотражатель баар буолуохтаах. Онон бука бары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипед хаһаайыннара велосипедкытын көрүүтэ –харайыыта суох хаалларымаҥ!!!

 “Эҥсиэли” хаһыат

Читайте дальше