Нам улуустааҕы ИДьУО-гар нэдиэлэ устатыгар барыта 38 иһитиннэрии киирбит.
Ол иһигэр:
— саа былдьаныыта – 2
— арыгы иһэн баран иккистээн уруулга олоруу – 1
— түөкүннээһин – 2
— сураҕа суох сүтүү – 2
ГАИ нэдиэлэ устата барыта 256 массыына бэрэбиэркэлээтэ. Ол түмүгэр 109 административнай боротокуол туолла:
— Оҕону таһыы быраабылатын кэһии- 16
— көҥүлэ суох (бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 9
— арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 5
— сатыы хаамааччы суол быраабылатын кэһиитэ — 7
— стоянкаҕа 9 массыына турда.
ИДЬУО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар, баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга харчыгытын ыытымаҥ!
Оҕо-аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар кааскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка светоотражатель баар буолуохтаах. Онон бука бары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипед хаһаайыннара велосипедкытын көрүүтэ –харайыыта суох хаалларымаҥ!
«Эҥсиэли» хаһыат