Нам улуустааҕы ИДьУО-гар нэдиэлэ устатыгар (08.07.2024-15.07.2024 сс.) уопсайа 76 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр:
— бэрик биэрии – 1
— уоруу – 2
— түөкүннээһин – 2
— дьиэҕэ көҥүлэ суох киирии – 1
— бэйэҕэ тиийинэ сатааһын – 2
— сураҕа суох сүтүү -1
— арыгы иһэн баран иккистээн уруулга олоруу – 2
— өлүгү булуу – 2
– сымыйа сураҕы тарҕатыы — 1
ГАИ линиятынан нэдиэлэ устата барыта 236 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр, 112 административнай боротокуол туолла:
— Оҕону таһыы быраабылатын кэһии- 18
— анал көҥүлэ суох (быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 6
— арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 3
— сатыы хаамааччы киһи суол быраабылатын кэһиитэ — 8
Анал стоянкаҕа 6 массыына турда.
ИДьУО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга бэйэҕит харчыгытын ыытымаҥ!!
Оҕо-аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар каскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка светоотражатель баар буолуохтаах. Бука бары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипедкытын мээнэ көрүүтэ–харайыыта суох хаалларымаҥ!
«Эҥсиэли» хаһыат