ИДьУО иһитиннэрэр

Нам улуустааҕы ИДьУО нэдиэлэ устатыгар (22.07.2024—28.07.2024) барыта 65 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр:

— уоруу – 3;

— атын дьон малын алдьатыы – 1;

— эт-хаан эчэйиитэ – 2;

— түөкүннээһин – 3;

— сокуоннайа, көҥүлэ суох балыктааһын – 1.

ГАИ өттүнэн нэдиэлэ устата барыта 295 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр 92 административнай боротокуол туолла:

— оҕону таһыы быраабылатын кэһии- 11;

— анал көҥүлэ суох (быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 9;

— арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 3;

— сатыы хаамааччы киһи суол быраабылатын кэһиитэ — 7

— анал стоянкаҕа барыта 12 массыына турда.

ИДЬО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар, баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга бэйэҕит харчыгытын ыытымаҥ!!!

Оҕо-аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар каскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка уоту тэйитэр бэлиэ баар буолуохтаах. Онон бука бары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипед хаһаайыттара бэйэҕит велосипедкытын көрө сылдьыҥ, мээнэ көрүүтэ –харайыыта суох хаалларымаҥ!!!

Читайте дальше