Ийэ дьоло туохханый…

«Дьоллоох ийэ» диэн киэҥ программалаах тэрээһиҥҥэ Хамаҕатта эдэр ийэлэрэ бүччүм эйгэлээх библиотекаҕа көрүстүлэр.

Розалия Новгородова, эдэр ийэлэр түмсүүлэрин салайааччыта:

  Клиническэй психолог Розалия Черкашина битэмиин, БАД доруобуйаҕа туһатын,  Марфа Тарабукина «Мой бизнес» киинтэн бэйэ дьарыгын тэриниигэ, социальнай педагог Нюргуяна Аргунова «Честный разговор с собой» оонньуу нөҥүө үөрэҕин, логопед Алена Шелковникова оҕо саҥатын сайыннарыыга сүбэлэрин биэрдилэр. Кинилэргэ ыҥырыыбытын ылынан кэлбиттэригэр махтанабыт.

Венера Назарова, нутрициолог:

— Кэрэ буолуу күлүүһэ сөптөөх аһылык буоларын быһааран кэпсээтим, холобурга чечевицаттан блины оҥорон амсаттым.

Сардаана Ушницкая, эдэр ийэ:

— Кулун тутар 2 күнүгэр, кэлэн иһэр Аан дойдутааҕы дьахтар күнүн көрсө, Хамаҕатта олохтоох библиотеката уонна «Кэскилээнэ» эдэр ийэлэрин түмсүүтэ  кэрэ аҥардарга сүрдээх туһалаах кэрэ-бэлиэ күнү бэлэхтээтилэр.

Хамаҕаттабыт талааннаах ийэлэриттэн биирдэстэрэ Феня Семенова макраме техниканан илиигэ кэтэр браслет өрүүтүүгэр маастар-кылааһын сөбүлээтим. Ону тэҥэ, Мира Парниковаттан бэлэх арааһын, торт атыылаһан, кэһиилээх, үөрэ-көтө туһалаахтык бириэмэбитин атааран, сибэкки дьөрбөлөөх дьиэбитигэр тарҕастыбыт.

Анна Шадрина, «Тускул» уһуйаан логопед-учуутала:

— Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ оруолун, дьайыытын  олус интэриэһинэйдик кэпсээбиттэрин сэргээтим. Биэс чаас устата аһаҕас кэпсэтиһии ааспытын билбэккэ хааллыбыт. Бары санаабытын үллэстэн, наһаа үчүгэй таһаарыылаах күн ааста, элбэҕи биллим уонна туһаныам.

Марина Корякина, библиотекарь:

— Тэрээһиммитин ыытарга  ИП Саргылана, Олег  Дмитриевтар үбүлээтилэр, кэрэ сибэккинэн спонсордаан киэргэттилэр,  кинилэргэ улахан махтал.

Мария Винокурова