Ийэ тыл сүмэтэ — «Дьиэрэйкээнэ» бөлөххө

Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатын оҕолоро фольклорунан утумнаахтык дьарыктаналлар. Салайааччы Татьяна Старкова үөрэҕирии эйгэтигэр 38 сыл үлэлээн оҕо туохха дьоҕурдааҕын көрөн дьарыктыыр.

Фольклору Искра оскуолатыгар үлэлии сылдьан 2015 сылтан саҕалаабытым. 2 Хомустаахха кэлэн баран «Дьиэрэйкээнэ» фольклорнай бөлөҕү салайбытым 5 сыл буолла. Икки группалаахпын: 2 — 4 кылаас уонна 5 -11 кылаас оҕолоругар. Бу икки бөлөҕү 2019 — 2020 үөрэх сылыгар сүүмэрдээн, истэригэр кистэнэ сытар дьоҕурдара тахсан төрөппүттэр махталлара үгүс. Оҕолор умсугуйан туран дьарыктанан ийэ тылларын сүмэтин сүһэн күннээҕи олоххо-дьаhахха тутталлар.

Биhиги дьарыктана-дьарыктана биир сиргэ олорбоппут, оҕолорбун киэҥ араҥаҕа таһааран, сири-дойдуну көрдөрөн, олоххо хайа баҕар өттүнэн бэлэмнээх буолалларын эмиэ иитэбин. Ол курдук, 15 оҕолоох 2021 с. Санкт Петербурга, онтон 17 оҕону илдьэ 2023 сылга Сочига баран «Планета искусств» норуоттар икки ардыларынааҕа конкурска иккиэннэригэр 1 истиэпэннээх лауреат буолан кэлбиппит. Быйыл да былааммыт киэҥ, барар-кэлэр санаалар бааллар, —  диэн Татьяна Васильевна санаатын үллэстэр.

Лена Корякина