“Ийэ — ыал ымыыта” Нам улууһун дьахталларын форумугар

Бүгүн Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа сандал сааһы көрсө, Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар аналлаах “Ийэ — ыал ымыыта” Нам улууһун дьахталларын форума ыытылынна.

Тэрээһин сүрүн соругунан дьиэ кэргэн боппуруостарыгар судаарыстыбаннай бэлиитикэни хаҥатарга, дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыырга суолталаах буолла. Эдэр ийэлэр мунаарбыт ыйытыктарыгар: оҕо босуобуйатыгар, социальнай контракт түһэрсэргэ уонна ыал ийэтэ дьарыктаах буоларын ситиһэргэ эппиэттэһэр анал специалистар үлэлээтилэр. Маны таһынан, нэһилиэнньэ кэрэ аҥардарыгар төлөбүрэ суох маастар-кылаастар ыытылыннылар: Виктория Том «Күннээҕи макияж”, Диана Аммосова “Баттаҕы оҥостуу”, Мария Столярчик “Бизнеһи хайдах аһар туһунан” уонна дьиэ кэргэн психолога Надежда Васильева үлэлээтилэр.

Кэлэн иһэр кэрэ аҥардар күннэринэн бэрт хамаҕатык “Сделано в Якутии” бэйэ оҥоһугун атыы-эргиэн дьаарбаҥката үлэлээтэ: “Сахабохо” сахалыы таҥас, “Тирэх” — минньигэс ас, “Суол-иис” — киэргэллэр, дьиэ мала-сала, “Айар” — кинигэ издательствота, “Камелек” — иһит –хомуос, киэргэл.

Лена Корякина

Читайте дальше