Саха бөҕөһө Арыйаан Тютрин көҥүл тустууга 57 киилэҕэ Олимпийскай оонньууларга тустар путевка ылла. Ол курдук, Саха сирин тустууга Париж куоракка Олимпийскай оонньууларга Беларуссия аатыттан көбүөргэ тахсыаҕа.
Нам улууһугар күн сирин көрбүт биир дойдулаахпыт Арыйаан Тютрин улуустааҕы “Эҥсиэли” хаһыакка интервью биэрбитин манна ааҕыҥ.
Саха саарына Арыйаан Тютрин Аан дойду чемпионатын (Норвегия, 2021) эрэ туһунан буолбакка, Аан дойдуга тустуу эйгэтин, күүстээх дьарыктар тустарынан кэпсээтэ. Ис иһигэр киирдэххэ, тустуу көрүҥэ хайдах эбитий?
Саха омук ХХ үйэ аҥарыттан “тустуу” диэн тылы спорт үгүс көрүҥүттэн ойуччу үрдүктүк тутар буолбута. Ол курдук, тустуу көрүҥэ сахаларга маҥнайгы нүөмэрдээх спорт көрүҥэ буоларын үс олимпиецтарбыт Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов биллэрбиттэрэ, көрдөрбүттэрэ, дакаастаабыттара. Саха тустууктара оччотооҕу сыллартан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри биир дойдулаахтарыгар үгүс үөрүүнү бэлэхтээн, кырасыабай, долгутуулаах хапсыһыылары көрдөрөн кэллилэр.
Ол курдук, Осло (Норвегия) куоракка 2021 с. алтынньы 2-10 күннэригэр тустууга Аан дойду чемпионата, дьахталларга уонна эр дьоннорго көҥүл тустуу, эр дьоҥҥо греко-римскай тустуу ыытыллыбыта. Аан дойду чемпионатыгар саха уола Арыйаан Тютрин Белоруссия аатыттан ситиһиилээхтик күрэхтэспитэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Белоруссия сүүмэрдэммит хамаандатыттан биһиги биир дойдулаахтарбыт Ньургун Скрябин, Андрей Бекренев эмиэ тустубуттара.
НАМ УЛУУҺУТТАН ТӨРҮТТЭЭХПИН
— Арыйаан Иннокентьевич, эйигин Нам улууһуттан төрүттээх дииллэр. Бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ дуо?
— Кырдьык, мин Нам улууһуттан төрүттээхпин. Нам Көбөкөнүгэр (Харыйалаах) Мария Семеновна уонна Иннокентий Степанович Тютриннар дьиэ кэргэҥҥэ 1994 сыллаахха иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт – бары уолаттар. Көбөкөн нэһилиэгэр 2-с кылааска диэри үөрэммитим, салгыы 2004 сыллаахха аҕам дойдутугар Уус Алдан улууһугар көспүппүт. Ити курдук, 3 кылаастан 7-кэ диэри үөрэхпин аны Суотту оскуолатыгар салҕаабытым.
Онтон, 2009 сылга Олимпийскай резерв училищетыгар үөрэммитим. Билигин төрөппүттэрим Нам улууһугар олороллор, 2009 сыллаахха төттөрү көспүттэрэ.
Тютрин диэн араспаанньа хантан кэлбитий диэн ыйытыыга, Тютриннар аймах Уус Алдан Тумулугар олохсуйан олороллор. Саха сиригэр бу араспаанньа биир эрэ, бары аймахтарым буолаллар. Дьиҥ кырдьыгынан эттэххэ, аат-суол (араспаанньа) хантан, хайдах ситимнэнэн кэлбитин бу диэн этэр кыах суох. Эрдэ, бэйэм да интэрэһиэргээн туоһулаһар этим… Инникитин маны үчүгэйдик үөрэтиэххэ баара. Арай, маннык араспаанньа Украинаҕа элбэх баарын билэбин.
Тустууга төнүннэххэ, өссө оҕо сылдьан Нам улууһугар дьарыктанан саҕалаабытым. Төрөөбүт улууспар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ кыттыым манныгы кэпсиир: Партизаҥҥа, Модукка хаста да күрэхтэһэн миэстэлэһэ сылдьыбытым.
Онтон, утумнаахтык тустуунан дьарыктаныым Уус Алдантан саҕаламмыта.
Тастыҥ убайым, Семен Семенов тахсыылаахтык тустар кэмигэр, аҕам Иннокентий Степанович сүбэтинэн уонна этиитинэн, Суоттуга тренер Семен Гаврильевич Петухов салалтатыгар киирбитим.
— Оҕо да сылдьан, эр киһи да буолан баран саамай өйдөөн хаалбыт күрэхтэһиилэрин? Европа уонна Азия күрэхтэһиилэрэ туох уратылаахтарый? Үһүс миэстэ күүстээх үлэттэн кэлэр уонна спортсмен бэйэтэ даҕаны астынар дииллэр. Эн маны туох дии саныыгын?
— 2008 сыллаахха оҕо киһиэхэ саамай улахан ситиһиим “Дети Азии” күрэхтэһии буолар. Ол сылларга саҥа улахан көбүөргэ тахсан тустан эрэр кэмим. Оттон эр дьоҥҥо – Саха сиригэр 2019 сыллаахха буолбут Аан дойду Кубога.
Биллэн турар, Европа көбүөрүгэр Европа дойдулара, Азияҕа азиаттар тусталлар.
Бу икки континент күрэхтэһиилэриттэн хайата үрдүкү кэрдиискэ турарый диэн араарар табыллыбат. Иккиэн тэҥ таһымнаахтар диэхпин баҕарабын. Ол курдук, Азияҕа Иран, Монголия онтон да атын дойдулар күүстээх тустууктара күөн көрсөллөр.
Бириистээх миэстэлэр тустарынан кэпсэттэххэ, спортсмен финалга тахсан киирсэринээҕэр, үһүс миэстэ иһин туста тахсара ордук ыарахан дии саныыбын. Холобура, финалга тахсан баһыйтарар да түгэҥҥэр, эн син биир сүүйүүлээх хаалар буоллаҕын – иккис миэстэ.
Оттон үһүс нүөмэр буоларга, этэргэ диэри “Ва-банк” диэн тылы туттаҕын, туох баар күүскүн, өйгүн-санааҕын барытын уураҕын – эбэтэр мэтээллээх, эбэтэр туга да суох төннөҕүн. Аны туран, хотторбуттар бары биир бөлөххө киирэн, сыыйыллан-сыыйыллан үсүһү ыларга күүстээх хапсыһыыны, тургутууну ааһаллар.
— Тустаргар, күүстээх дьарык ааһаргар дьиэ кэргэн төһө мэһэй буоларый? Үгүс дьон тыла манныгы этэр, “Дьиэ кэргэннэннэ, улахан спортан туоруур буолбут” диэҥҥэ төһө сөпсөһөҕүн, оруннаах дуо бу этии?
— Баҕар, атын спортсмеҥҥа дьиэ кэргэн мэһэй буолара буолуо… Мин тус бэйэбэр, кэргэним Мария Тютрина төттөрүтүн, өйөбүл буолар. Тустуун түһэр, тахсар кэмигэр сүбэ-ама биэрэр чугас дьонноргуттан биирдэстэрэ, таптыыр киһин кэргэнин буолар. Судургутук, өйөбүл диэн биир өрүтүн эттэххэ – сирдээҕи аналын оҕону көрүүтэ, баар кыһалҕалары барытын эйиэхэ сэлээннээбэккэ, найылаабакка бэйэтинэн быһаарыыта буолар. Куруук сборга сылдьар киһи дьиэбэр кэллэхпинэ, сөптөөхтүк сынньатара, бары усулуобуйаны олохтуура төһөлөөх үчүгэйий?
Бу баар чахчы, элбэх спортсмен дьиэ кэргэннэнээт улахан спортан туоруур. Биһиги олорон эрэ бу диэн быһаарар кыахпыт суох: ким эрэ бэйэтин олоҕун оҥостуон баҕарыа, кимиэхэ эрэ, кырдьык дьиэ кэргэнэ дьарыктанарыгар кыах биэрбэтэ буолуо… Нэһилиэнньэ сөпкө кэтээн көрөр, баар суолу этэр. Билэр дьоммуттан итинник улахан спортан тэйбиттэр, ааҕан-суоттаан көрдөххө балачча бааллар.
Уопсайынан, спорт диэн ыарахан. Маҥнай оҕо сылдьан бииргэ саҕалаабыт тустуук уолаттар олус элбэх этибит. Эр дьон бөлөҕөр тахсан тустарга, лаппа аҕыйаабыппыт. Ол курдук, спорт элбэх түһүүлээх-тахсыылаах буолар, ону сатаан тулуйбатахтар эмиэ баар буолуохтарын сөп. Тустууттан эрдэ туораабыт талааннаах уол элбэх этэ.
Олоххо арааһынай буолар – төбөҕө дьиэ кэргэн баттыга да, психология да өттүнэн буоллун. Ууну-уоту ортотунан барытын ааһан хаалбыттар ахсааннаахтар ээ. Аны кэлэн туох диэхпиний, арай, билигин табаарыстарбын кытта көрүстэхпинэ саныыбыт эрэ, “кырдьык, бэркэ үчүгэйдик тустар уол баара” диэн.
ХАННЫК БАҔАРАР ОМУККА БААР
— “Сахабыт уола атын сиртэн тустар буоллаҕына, хайдах да туһуннун”, “Саха уолаттара бэйэлэрин хамаандаларын ааттаппаттар, атын дойду аатыттан киирсэ сырыттахтара” диэччилэр баар буолааччылар. Манныгы хайдах ылынаҕын?
— Аныгы олоххо интернет ситимэ күүскэ сайдан, хас биирдии киһи (кырдьаҕастыын эдэрдиин) куйаар нөҥүө санаатын аһаҕастык этэр буолла, сорохтор баламаттык. Биллэн турар, бу киһини үөрдүбэт… Быһаарыым, маннык этиилэртэн ким эрэ хомойуо, ким эрэ куттаныа, ким эрэ кыбыстыа уонна санаата төннөн хаалар куттала хаһан баҕарар баар.
Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо, киһи тыла ох диэн?! Маны таарыйбычча, урукку өбүгэлэрбит эппит өс хоһоонноро барыта оруннаах, сөп түбэһэр. Онон, мээнэ тылынан ыһыахтанымыахха диэҕи баҕарыллар. Ытыллыбыт ох төннүбэтин, тахсан эрэр күн киирбэтин курдук, билбэккэ сылдьан сүөргүтүк саҥарартан туттунуохха. Хас биирдии тыл суолталаах, иччилээх.
Маннык этиилэри көрөн аһарбытым, хоттордоххуна “бу киһи оттуу барыан наада” эбэтэр “хотон көрө барыан наада” диэн. Бу курдук ис хоһоонноох этиилэр ханнык баҕарар омукка бааллар. Бу этиилэр аадырыстаммыт киһиэхэ хайдах дьайаллара буолуой… Тус бэйэм манныкка улахан болҕомто уурбаппын, үчүгэйи да оҥордоххуна, куһаҕаны да оҥордоххуна куруук суруйуохтара.
“Тиийэн хотторор” диэн тыл миигин сынтарытыахтааҕар, үчүгэй өттүгэр өсөһүүгэ, ньоҕойдоһууга сирдиэҕэ. Спортсмен туохха барытыгар бары өттүнэн бэлэм буолуохтаах. Көбүөргэ киирдин бүттэ, аралдьытар өрүттэри төрүкү саныа суохтааххын. Көбүөргэ эн уонна утарылаһааччын! Оттон үтүө түмүк кэллэҕинэ хайдах буоларый, улуустаһааһын саҕаланар, “төрдө ханнык эрэ”, “биһиги уолбут” диэн этиилэр үксүүллэр. Санаа биир буолуохтаах – биһиги сахалар!
Саха сирэ бэйэтэ туһунан дойду буолбатах, Аан дойдуга бэйэтэ хайдах да хамаанда туруоран кыттыбатын бары билэбит. Тустуу эйгэтигэр Россия сүүмэрдэммит хамаандата, баһылыыр-көһүлүүр судаарыстыбаларга киирсэр. Россия аатыттан тахсан тустарга, бары өттүнэн, уустуктар элбэхтэр, аҥаардас конкуренция олус күүстээҕэ сыттаҕа. Ол иһин, атын дойдулар саха бөҕөстөрүгэр араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ туһуннарар кыах биэрбиттэрин мүлчү тутумуохтарын наада.
САХА СИРИГЭР ТУСТУУ ТАҺЫМА
— Эн санааҕар, билигин саха тустуутун туруга хайдаҕый?
— Элбэх сборга сылдьан үгүс дойдулар ыытар дьарыктарын боруобалаабыт, көрбүт киһи буоларым быһыытынан, хайдах эрэ, Саха сиригэр дьарык быдан күүстээх эбит диэн санааҕа кэлэбин. Аны туран, уонна тоҕо тахсыылаахтык тустубаттар диэхтэрэ, санаалар этиллиэхтэрэ. Эдэр киһи өссө да билбэтим-көрбөтүм үгүс, онон чопчу “бу тиийбэт, ити тиийбэт” диэн сыана быһарым табыллыбат. Ол эрээри, үтүө түмүк кэлиэҕэ диэн бүк эрэнэбин. Туох барыта кэмнээх.
— Биһиги республикабытыгар, тустууктарбыт оҕо сылдьан чаҕылхайдар, оттон эр дьоҥҥо тахсан баран тоҕо симэлийэн хаалаллар. Тренер сабыдыала төһө баарый манна? Холобура, оҕо эрдэҕинэ олус үчүгэйдик арыллан тустубут, оттон эр киһи бөлөҕөр тахсаат, бу тустуукка ситэ туох тиийбэтий?
— Оҕо уонна эр киһи тустуута олох атын таһымнар. Этэн аһарбытым курдук, сөптөөх эппиэти биэрэргэ уонна көрдүүргэ олус уустук. Билэбит дии, чаҕылхай ситиһиилэри ситиспиттэр (оҕолорго, ыччаттарга) эр дьоҥҥо тахсан баран үтүө түмүктэри аҕалбатахтарын. Баҕар, кэлиҥҥи сылга саха тустууга тустар таһымын сайыннарбакка уруккутугар хаалан хаалар буолбута буолуо дуо… Тоҕо оннук эбитэ буоллар…
Тренер чааһыгар киирдэххэ, барыта тустууктан бэйэтиттэн тутулуктаах! Уопсайынан, спортсмен ханнык да түгэҥҥэ тренерын тылыттан тахсыа суохтаах. Эйиэхэ чугастык ыалдьар киһи хаһан да куһаҕаны баҕаран төттөрү сүбэни биэриэ суоҕа. Миэхэ маннык киһинэн буолар – Иван Дмитриев!
Бэйэм тус санаам манныгы этэр: ыччаттар категорияларыгар үчүгэйдик тустубут спортсмен улахан да дьоҥҥо хайдах баҕарар тустар кыахтаах, дьиҥэ. Ол иһин, өссө биирдэ тоһоҕолоон этэбин, спортсментан бэйэтиттэн тутулуктаах дии саныыбын. Баҕар ол тустуук салгыы үчүгэйдик дьарыктамматаҕа, баҕар улахаҥҥа уурбатаҕа буолуо.
Холобура, улахаҥҥа уурбат буолуу биир төрүөтэ – бэйэни билинии, балары кыайталыыр эбиппин диэн санаан, дьону үрдүнэн көрөн сүгүн дьарыкка сылдьыа суоҕа. Түмүгэр, дисциплинатын алдьатыа, ыһыллан барыа. Маны ырыттахха, өйдөбүл, үөрэх буолбут кэпсээн элбэх. Ханнык баҕарар эйгэҕэ, киһи соччонон тахсар да, чэпчэки аралдьыйыыга түргэнник умсугуйан ылларар уонна оннукка тиийбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалыаҕа.
Ону тэҥэ, эн тулаҕар хайдах табаарыс баара, кини сабыдыала элбэҕи оонньуур. Бу туһунан үгүс кинигэҕэ суруйбуттара туоһу буолар. Биир тылынан, алыптаах чэпчэки олоххо барар суол туох да хара баһаам. Аан дойду үгүс спортсменнарын да ылан көрдөххө, бэйэлэрин суолларыттан тахсаннар, атын мөкү суолунан барбыттар аҕыйаҕа суохтар.
— Хапсаҕайдаһан тустууга бэйэҕин холонон көрбүтүн дуо?
— Хапсаҕайдыы сылдьыбытым. “Манчаары оонньууларыгар” үһүс буола сылдьыбытым. Петр Алексеев аатынан хапсаҕайдаһан тустууга Саха сирин чемпионатыгар иккис буолбутум. Онон бүппүтүм. Тустууга кэккэ мэһэйдэри үөскэтэр. Хапсаҕайдыы сылдьаҥҥын травма ылан кэбиһиэххин сөп. Ол эрээри, буолар хапсаҕай күрэхтэһиилэригэр ким хайдах тустубутун барытын көтүппэккэ көрөбүн.
КИНИЛЭР ТУОХ УРАТЫЛААХТАРЫЙ?
— Россия бастакы нүөмэрэ Заур Угуевы кытта сааскытынан араа-бараа эбиккит, төһө чугастык билсэҕит? Кини улахан көбүөргэ 2017 сылтан баарын биллэрэн саҕалаабыт. Тустуу көрүҥэр бу омуктар уратылара туохха эбитэ буолла…
— Заур Угуевтыын 2006 сыллартан билсэбит. Сааспытынан тэҥ буоламмыт (Угуев 1995 сыллаах), оҕо эрдэхпититтэн билсэбит – оҕолорго, ыччаттарга уонна эр дьоҥҥо куруук көрсөрбүт, көрсүөхпүт. Кини оҕолорго, ыччаттарга Аан дойдуну кыайбыта. Онтон кэккэ биричиинэнэн тохтуу сылдьыбыта уонна 2016 сыллаахха төннөн, Саха сиригэр ыытыллыбыт Россия чемпионатыгар кэлэн тустубута.
Уратылара диэн, дойдуларыгар конкуренция хас да бүк улахан. Хас биирдии тустуук бэйэтин ыйааһыныгар кытаанах тургутууну ааһар. Киһи үрдүгэр киһи баар. Кинилэргэ олох кып-кыра саастарыттан саҕалаан тыһыынчанан киһи ылсан туран утумнаахтык, күүстээхтик дьарыктанар. Эбиллэллэр буоллаҕа. Бразилия олохтоохторо бары футболунан олороллорун курдук, дойдулара тустуунан тыынан олорор. Омуннаатахха, уулусса аайы тостубут кулгаахтааҕы көрсөҕүн. Онно холоотоххо, Саха сиригэр тустуук аҕыйах.
— Тустарга табыгаһа суох, дьиктитик, эридьиэстээхтик тустар ханнык дойдулар тустууктарын ааттыан этэй?
— Дьэ, бааллар оннуктар – американецтар уонна иранецтар. Бу омуктар үлэлиир уонна тустар тэтимнэрэ (темп) туохтааҕар да күүстээх. Иранецтар, техника өттүнэн наһаа муҥутуу сайдыбатах да буоллаллар, харса суох боруоста иннин диэки күрдьэн киирэ тураллар.
Оттон американецтар тустуулара, бэйэлэрин дойдуларыгар быраабылалара да уратылаах, атын. Олох тилигирээн олороллор, дьарыктара эмиэ тэтимнээх, күүс өттүнэн дьарыктыыллар быһыылаах диэн сэрэйиллэр. Америка тустууктара күүс өттүнэн (физически) бары күүстээхтэр. Маннык тустууктары кытта тустарга ыарахан.
— Өссө төгүл, Аан дойду чемпионатын туһунан, иранец Алиреза Сарлактан кыайтарыы хомолтотун билэн бараҥҥын өйгөр туох санаа кэлэн түспүтэй? Уонна ааттаах-суоллаах, быйылгы Токиотааҕы Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, турок Атли Сулейманы кытта туста тахсаргар санаалар?
— Билэргит курдук, иранеһы 6-1 кыайа-хото тутан испитим… Манна туох диэххэ, уоскуйан наҕылыйыыга баран хааллым. Бары болҕомтону көмүскэниигэ ууран кэбиспитим. Өйдүү да барбакка, бу да сырыыга үөрүйэхпинэн “сэниэбин харыстыахтаахпын” диэн өйгө-санааҕа баһыйтарбыппын.
Кыл түгэнигэр түргэн-түргэнник өссө да элбэх санаа күлүм гынан ааһааччы ээ. Бу манныкка иккистээн киирээһиним буолар. Туох да диэбит иһин, тустар кыах төһө да баарын үрдүнэн, төбө үлэтэ ситэри үлэлээбэтэ, сыыһа стратегияны оҥорон кэбистэ. Оҥоһуллубут, тахсыбыт дьайыыга бэйэм эрэ буруйдаахпын.
Салгыы тустарга улахан эрэл суоҕа эрээри, чемпионат түһүлгэтин соргута (фортуна) мин диэки хайыспыта. Үһүс буоларга иннибэр Венесуэла тустуугун кытта сарсыарда көрсүбүтүм уонна турок ааттааҕын кытта хапсыһа тахсарбар киэһэ 18.30 ч диэри бириэмэлэммитим: хайдах быһыылаахтык тустарга, толкуйдуурга, стратегия оҥорорго, турукка киирэргэ. Спарринг-партнер быһыытынан 30 күн устата бииргэ тустубут уолаттар бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик үөрэттэхпит. Түмүгүн көбүөр бэйэтэ көрдөрбүтэ.
КӨҤҮЛ ТУСТУУ АРААҺЫНАЙ ТҮМҮГҮ КӨРДӨРӨР
— Этэн аһарбытын курдук, фортуна диэн тыл. Көбүөр фортуната төһө оонньотор? Табыллыы диэн баар дуо?
— Баар дии саныыбын. Кимиэхэ эрэ биэрэр, кимиэхэ эрэ суох. Сэрэбиэй бырахсыы оруолу оонньуур. Маннык быһыы-майгы буолар: лидердар бары биир бөлөххө, онтон тэҥ баайыылаахтар биир бөлөххө баар буолан хаалааччылар.
Планетаҕа Саха омуга баар дэппит дьонтон биирдэстэрэ, убаастабыллаах Александр Иванов этэн турардаах, киһи кутун баттыыр күүстээх энергетикалаах, араас эйгэлээх тустууктар кэлэллэр диэн. Сорох ардыгар, кыайар киһигиттэн хотторуоххун эбэтэр баһыйтарар тустууккуттан кыайыыны мүлчү тутан ылыаххын сөп. Ити курдук, көҥүл тустуу киһи үөйбэтэх өттүттэн арааһынайы көрдөрөр, көрдөрүөн сөп.
— Ааттаах-суоллаах тустууктары кытта тутуһар хайдаҕый? Кинилэр диэтэх дьон ааттара төһө сабыдыаллыырый? Илиин-атаҕын баайыллыбат? Ону тэҥэ, бэйэҕэр улахан эппиэтинэс ылынан ыһыллан хаалыаххын эмиэ сөп буолбатах дуо?
— Миэхэ наһаа оннук оонньообот. Кини да икки илиилээх-атахтаах киһи буоллаҕа. Дьарыгын үчүгэй, бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына баары-баарынан тустаҕын. Таһымнара үрдүк дьоҥҥо түбэстэхпинэ, төттөрүтүн үөрэбин. Ол курдук, маннык дьону кытта тустуохха сөп эбит дуу, суох эбит дуу диэн бэйэҕэр экзамен туттараҕын. Киһи сатыырын, оҥорорун киһи сатыахтаах.
Атыттар улахан эппиэтинэс ылыналлара буолуо. Дьон-дьон атын. Дьиҥэ, бу эмиэ биир төбө ыарыыта. Спорт диэн спорт. Ким эрэ кыайыахтаах, ким эрэ хотторуохтаах. Кыайыыны даҕаны, хотторууну даҕаны наһаа чугастык ылынымыахха наада.
— Кэлин эргитэн аҕалан санааччын дуо “арай, маннык гыммытым буоллар атын хартыына буолуо” этэ диэн?
— Кыайдаххына үчүгэй, хоттордоххуна, хайдах гыныаххыный, салгыы олох олороҕун. Ити эн этэр этиин бэйэҕиттэн куотунуу диэн буолара буолуо дуо, бэйэни алы гынааһын, албыннааһын?! Итинник толкуйдар төрүт киирээччилэрэ суоҕа. “Мантан сылтаан, онтон сылтаан хоттордум” диэн хойох хостообоппун. Чиэһинэйдик билинэбин хоттордум диэн, буолбут-буолбутунан, ааспыт-ааспытынан. Төһө да кыһыйбытын, хомойбутун иһин, буолбуту төнүннэрбэккин…
БҮГҮҤҤҮ ЛИДЕРДАР
— Бэйэҥ ыйааһыҥҥар лидердары кимнээҕи ааттыан этэй? Улахан күрэхтэһиилэргэ сылдьар спортсмен нэдиэлэтээҕи дьарыга хайдах ааһарый? Белорусстар сахаларга сыһыаннара хайдаҕый?
— Бэйэм ыйааһыммар Америкаттан Томас Гилман, Россия – Заур Угуев, Казахстан аатыттан тустар Тыва уола Нурислам Санаев, Турция – Сулейман Атли. Олимпиадаҕа диэри аҕыйах сыл хаалла. Онуоха диэри, бэйэлэрин дойдуларыттан бастыҥнар бу ааттаммыттар буолаллара буолуо, бука сэрэйдэххэ.
Бэйэбэр спарринг өттүгэр. Белоруссияҕа спарринг-партнер өттүгэр ыарахаттары көрсөөччүм, тустар киһим суох буолааччы. Убайбыт Владислав Андреев номнуо тренер буолбута. Бу саас биир дойдулаахтарым күүс-көмө буолан барбыттара – Семен Владимиров, Уйгулаан Иванов, Александр Иванов, Георгий Окороков.
Билигин сынньана сылдьар кэммэр күҥҥэ биирдэ, иллэҥ буоллахпына иккитэ сүүрдэр-көтүтэр оонньууларынан (игровые) дьарыктанабын. Оттон сбор кэмигэр, утуйаргар эрэ быыс булаҕын, оннооҕор дьарыктаныы ухханыгар сылдьаҥҥын быыс булан утуйан ылар түгэн эмиэ баар буолааччы. Сылаалаах дьарыктары ааһар күннэргэ, түргэнник чөлгөр түһүөххүн наада. Белоруссия дьарыга Россия, Саха сирин киэнин курдук буолбатах, сэрээккэтэ суох холобура. Сарсыарда 08.00 ч туран сибиэһэй салгынынан тыынаҕын уонна 12.00 ч – 14.00 ч, 18.00 ч – 20.00 ч диэри дьарыктаныы.
Билэрбит курдук, Белоруссияҕа сахалары сыһыарыы, 2001 сыллаахха Аан дойду чемпиона буолары ситиспит Герман Контоевтан саҕаламмыта. Сахалар бэйэлэрин үтүө өрүттэрин көрдөрдөхтөрө, элбэх мэтээл аҕаллахтара. Ол иһин, уруккуну куруутун үчүгэйдик саныыллар, ахталлар. Онтон мин Белоруссияҕа саҥа кэлэрбэр, убайдарым Владислав Андреев, Ньургун Скрябин, Андрей Бекренев бааллар этэ буоллаҕа. Ыйан-кэрдэн көмөлөһөллөр, ол иһин сылдьарбар үчүгэй.
— Белоруссияҕа олохтоохтук көһөрдүү айаннаатын, бу туһунан ааҕааччыларга сырдатыан дуо?
— Белоруссияҕа кырдьык, эһиил 2022 сылга дьиэ кэргэммин кытта көһөн барыахтаахпыт. Саха сирэ уонна Белоруссия бириэмэтин хаамыыта (часовой пояс), климата чыҥха атын. Онон, кэлэргэ-барарга киһи туруга барыта уларыйарыгар тиийэр, итини таһынан, айаҥҥар үп-харчы бараныыта.
Тиийэн олохтоох сирбитин буллахпытына, дьарыктанарбар араас толкуйдар киириэхтэрэ суоҕа этэ. Ол иннинэ, туһунан олордохпутуна, төһө да баҕарбатаргын санаан икки аҥыы хайдар – дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолан баран, кэргэнин, оҕон хайдах сылдьара буоллар диэн өй-санаа куруук төбөҕүттэн арахпат. Сүрэҕи бирикээстээбэккин.
— Саха сирин олохтоохторугар баҕа санаан.
— Биир дойдулаахтарбар, намнарга, уус алданнарга улахан дорҕоонноох дорообо тиэрдэбин. Өйүүллэригэр махтанабын. Бу икки улууһу хайаларын да чорботон эппэппин-саппаппын, араарбаппын. Иккиэн дойдуларым, иккиэннэрин тэҥҥэ күүскэ таптыыбын, ахтабын, саныыбын. Куруук кэлэ-бара сылдьабын, сылдьыам даҕаны. Олус үчүгэйдик көрсөллөрүгэр махтаныах эрэ тустаахпын. Сахам сиринэн киэн туттарбынан ДЬОЛЛООХ КИҺИБИН!
Инникитин даҕаны, Аан дойду таһымнаах тустуу көбүөрүгэр аҕыйах ахсааннаах Саха аата хаттаан эргиллиэ, ааттанныа, иһиллиэ. Бу тугу кэпсиирий? Сахалар төһө да ахсаан өттүнэн аҕыйах буолларбыт, бэйэ бодобутун тардыннахпытына, ылсыбыппытын, туппуппутун тиһэҕэр диэри тиэрдэн баран тэйэр омукпут.
ХАРЫСХАН