Илии сылааһа хас биирдии байыаска тиийдин

Нам сэлиэнньэтин олохтоохторо «Илии сылааһа» диэн акциянан кээнчэ тигиитигэр бэйэлэрин көмөлөрүн оҥордулар. Байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттарга ичигэс таҥас тигиитигэр Ленскэй нэһилиэк 12 түөлбэтэ кыттыыны ылбытын олохтоох дьаһалта специалиһа Полина Иванова иһитиннэрэр.

«Тигии үлэтигэр түөлбэлэр бары үллэстэн, тикпит ичигэс таҥастарын олохтоох дьаһалтаҕа аҕалан эрэллэр. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Нам сэлиэнньэтин түөлбэлэрэ көмө оҥорорго биир санаанан туруммуппут. Ол курдук, хаххалыыр сиэккэ баайыытыгар, араас көмө оҥоруутугар куруук кыттыһабыт», — диир «Нэлэгэр» түөлбэ салайааччыта Ольга Прядезникова.

Читайте дальше