Инники үлэни торумнаатылар

Түбэ нэһилиэгин настаабынньыктара (сал. Р.Е. Лукина) уонна биэнсийэлээхтэр түмсүүлэрин салайааччыта М.П. Сивцева олохтоох дьаһалта баһылыга Г.В. Гуляевы уонна үлэһиттэрин кытта көрүстүлэр, нэһилиэкпит сайдыытыгар толоруллуон сөптөөх боппуруостар тула кэпсэттилэр. Сүрүн болҕомто буолаары турар быыбарга, общественнай түмсүүлэр үлэлэрин сүрүннээһиҥҥэ, сааскы ырааһырдыыга, оҕо былаһааккаларын ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥорууга, Кыайыы 80 сылыгар кинигэ тахсыытыгар көмөҕө, пааматынньыкка, кыраныыссаҕа Собо өйдөбүнньүгэр тупсарар үлэ ыытылларыгар уурулунна, элбэх этиилэр киирдилэр.

Саастаах дьон сүбэ быһыытынан нэһилиэк депутаттарын общественнай түмсүүлэргэ сыһыаран үлэни тэтимнээхтик ыытарга, бэтэрээннэр сэбиэттэрин «Кыайыы 80 сылыгар — 80 үтүө дьыала» хамсааһыннарын өйүүргэ уонна көмө оҥорорго диэн дьаһалтаҕа этии киллэрдилэр. Баһылык Г.В. Гуляев хас биирдии боппуруоска эппиэттэри, быһаарыылары биэрэн көрсүһүүнү кэҥэттэ. Өр сылларга нэһилиэги салайбыт Розалия Егоровна саҥа үлэһиттэргэ туһалаах сүбэлэри биэрдэ. Көрсүһүү кыттыылаахтара өссө салгыы бииргэ үлэлииргэ сүбэлэһэн тарҕастылар.

М.А. Сивцева, Түбэ