Искра нэһилиэгэр саҥа таас дьиэ үлэҕэ киирдэ

“Жилье и городская среда” национальнай бырайыак чэрчитинэн, дойдубут үрдүнэн эргэ, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ далааһыннаах үлэ ыытыллар. Ол курдук, сэтинньи 9 күнүгэр Нам улууһун Искра нэһилиэгэр 6 квартиралаах, толору хааччыллыылаах саҥа таас дьиэ үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Тутуу үлэтин урбаанньыт Виталий Марков сүрүннээтэ. Үлэ быйыл бэс ыйыгар саҕаламмыта. Күрүөтэ-хаһаата оҥоһуллан барыта бэлэм.

Үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыыта сахалыы сиэринэн алгысчыт Владимир Сыромятников уот оттон, сыт таһааран, кымыһынан айах тутан, алаадьынан күндүлээн айыылартан көрдөстө. Эҕэрдэ тылларын улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Анатолий Павлов, Искра нэһилиэгин баһылыга Матрена Дьяконова, урбаанньыт Виталий Марков эттилэр уонна аалай лиэнтэни быстылар.

Искра нэһилиэгэр бу бастакы таас тутуу буолар. Саҥа дьиэлэммит биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэбитин тиэрдэбит, дьиэҕит-уоккут сылаас, ыраас буоллун.

Видеолары манна көр: https://t.me/gazetaensieli/13518

Анна СОЗОНОВА

Читайте дальше