Нам улууһугар СӨ Правительствотын 2023 сыллааҕы үлэтин Гаврил Кириллин салайааччылаах иккис бөлөх Искраҕа отчуоттуур.
Иккис бөлөҕү салайбыт СӨ норуоттарын дьыалаларыгар уонна тас дойдулары кытта сибээстэһиигэ миниистирэ, Нам улууһун куратора Гаврил Кириллины көрсөр нэһилиэктэр бука бары көнө сүрүннээх аһаҕас кэпсэтии таһаарарын бэлиэтээтилэр.
25 миэстэлээх уһуйаан Дьиэ кэргэн сылыгар үлэҕэ киирэрэ буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр.
Искра уһуйаана саҕаламмыт эрээри, билиҥҥитэ тохтотуллан турар. Искраҕа тутууну урбаанньыт бэйэтин харчытынан ыытара этиллэр. Ол эрээри, үптэн-харчыттан элбэх иҥнэр. Инникитин, уһуйаан тула кэпсэтии, үлэ барыа диэн эрэннэрдилэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, маннык хас да нэһилиэк урбаанньыт бэйэтин үбүгэр, тутууну киириэхтээх болдьоҕуттан эрдэлэтэн киллэрэн турар.
Искра олохтоохторугар сытыытык турар кыһалҕа — уу. Кэҥкэмэ үрэхтэн уу бырахтарар туһунан кэпсэтиилэр ыытыллаллар эбит.
Сири-дойдуну өртөөн сыыс оттон ыраастыыры искралар сыл аайы туруорсаллар. Билэрбит курдук, уу төгүрүйэн турар сиригэр даҕаны өртөөһүнү ыытар бобуллар. Россия сиригэр-уотугар киирсэрбитинэн сокуон барыбытыгар биир.
Кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга кооперация тэрийиитин туһунан сүбэ биэрии, быһаарыы, бу салааҕа ылсыы эмиэ ахтылынна. Үлэһит намнар ынах-сүөһү көрүүтүгэр төһө да уустуктары көрүстэллэр, кытаанах санаалаахтар, тиһэҕэр диэри бараллара этиллэр. Улууспутугар мөлтөх санааҕа бас бэриммэт, ынаҕы аччатар туһунан санаабат үгүс нэһилиэк баара үөрдэр. Маны этэн туран, Искра нэһилиэгэр ынах-сүөһүнү элбэтэр туһугар үлэлиир эдэр дьон аҕыйаҕа суохтар эбит.
Оттуур сир суоҕун кэриэтэ. Сир барыта хаһаайыннаах. Үгүспүт хаһаайыстыбабытын, ынахпытын эһэн, кырдьыга сүөһүлээх дьоҥҥо туран биэрэр санаабыт суох. Оттотор буоллахпытына даҕаны, арендаҕа биэрэбит. Сир боппуруоһугар бэрээдэктээһин реформата ыытыллара чугаһаата, кырдьыга.
Бултуур кэми хааччахтыырга, күнүгэр-дьылыгар уларытыы киллэрэргэ. Быһаччы, хас биирдии улууска булчуттар сүбэлэрэ үлэлииллэр. Булт кэмин булчуттар сүбэлэрэ биир тылга кэлэн үөһэ салалтаҕа этии көтөҕөн көннөрөн, көһөрөн биэрээччилэр. Ис иһигэр киирдэххэ үлэтэ элбэх эрээри, судургутук эттэххэ маннык буолар.
Александра, Данил Дьяконовтар, кэтэх хаһаайыстыбалаах эдэр ыал:
— Биһиги ыал сылгы, ынах иитиитинэн дьарыктанабыт. Ис сүрэхтэриттэн тыа хаһаайыстыбатын араас хайысхаларынан дьарыктанар эдэр ыаллар биһиги нэһилиэкпитигэр, улууспутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр бааллар. Холобура, куйаар ситимигэр биир идэлээхтэр бөлөхтөрүгэр санаа атастаһааччыбыт.
Харысхан Попов