Бөрө булда элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр, ыыра киэҥ буолан, таҕыстаргын эрэ сонно бултаабаккын.
Кулун тутар 13 күнүгэр Нам улууһун Көбөкөн «Омурҕан» арыытыгар атыырдаах тыһы бөрөлөрү Петр Кириллин салайааччылаах бөрөһүттэр түмсүүлэрэ бултуйдулар. Маныаха, бөрөлөр Алдан өрүһүнэн туораан, бу диэки төрүү-ууһуу олохсуйа кэлбиттэрин булчуттар быһаардылар. Манна 20-тэн тахса киһи, 10-ча буран, Түбэ, Арбын, Фрунзе, Хамаҕатта, Көбөкөн, Нам, Бөтүҥ нэһилиэктэриттэн булчуттар, 3 күнү быһа сонордоһон сууллардылар.
«Омурҕан» арыы киэҥ нэлэмэн сиригэр 13 км устатын тухары төгүрүччү кыһыл былаах тардан, кэтээн көрүү кэминэн, бөрөлөр хорҕойбут сирдэрин чопчу суоллаан бултаатылар. Бу сиргэ кыһыл флажок иэнигэр биир бөрө хаалбытын бүгүн бултуохтаахтар. Бөрө ураты өйдөөх кыыл буолан, бултаһар дьон улахан эрэйи көрсөллөр.
Улууспутугар бөрөнү бултаһар 2 «Бөрөһүттэр» түмсүүлэрэ тэриллэн, бөрө ааҥныыр кэмнэрин билэн-көрөн булка тахсаллар.
Лена Корякина