Нам улууһуттан байыаннай хантарааҕынан сулууспалааччыларга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көрүллэр көмө миэрэлэр:
— «Нам улууһа» МТ хаһаас үбүттэн биир кэмнээх 20 000 солк. материальнай көмө. («Нам улууһа» МТ дьаһалтатын уопсай отдела, билсэр төл.: 84116242139);
— Муниципальнай нэһилиэктэртэн биир кэмнээх 20 000 солк. төлөбүр. (РФ сэбилэниилээх күүһүгэр байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибит гражданин олорор сирин олохтоох дьаһалтатыгар билсэр);
— Нам улууһугар сир учаастагын босхо ылыы. («Нам улууһа» МТ «КУМИ» МКУ, билсэр төл.: 84116241676; 84116241184; 84116241568);
— СӨ бюджетыттан биир кэмнээх 200 000 солк. төлөбүр. (МФЦ, e-yakutia — государственнай өҥөнү оҥорор биир кэлим портал);
— 2023 с. кулун тутар 1 күнүттэн хантараак түһэрсибиттэргэ 150 000 солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр. (РФ сэбилэниилээх күүһүгэр байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэристэ да төлөнөр);
— Байыаннай сулууспаҕа 1 уонна онтон элбэх сылга хантараак түһэрсибиттэргэ байыаннай чааһыттан 195 тыһ. солк. биир кэмнээх харчынан төлөбүр.
Интэриэһиргиир ыйытыылаах буоллаххытына 841162-41446, 841162-43308 эрийэн билсиҥ.