Муус устар 1 күнэ – Күлүү күнэ!
Күндү хотун-хотуттар, тойон-тойоттор уонна табаарыс рабочайдар, убаастабыллаах коллегаларым, кочегардар! Бүгүн муус устар 1 күнүнэн сибээстээн кыратык күлэ түһэргэ сананным, оннук күлүүгэ да суох буолларбын. Уопсайынан, иһим, ис туругум күлэр.
Кочегарынан үлэлээбитим хаһыс да сыла, уунан ититиллэр уопсайга олорор табаарыһым Роман Петрович: «Үчүгэйдик оттоҕун«, – диэн чэй иһэ-иһэ хайгыырыттан, хайдах эрэ «асс кочегар» курдук сананабын. Дьэ, ол аата 50-55 кыраадыстаах тымныыга сайыҥҥы Ташкент куйааһын түһэрэр оттооччубун.
Кочегар диэн үлэ үөдүйбүтэ 30-тан сыл буолла да, биир эмэ хайҕаммыт кочегары көрө-истэ иликпин. Хата, бастакынан мин буоллахпына көҥүлэ.
Бастакынан хайҕаммыппынан уонна этии киллэрбитим быһыытынан «асс кочегар» диэн ааты үөрүүлээхтик бэйэбэр бэринэбин. Билиҥҥи кэмҥэ рекламаламматаххына сатаммаккын дииллэр.
Биһиги котельнайбыт күһүнүн, сааһын турбатынан буолбакка, оһоҕун айаҕынан буруолуур ситэри түөрт оһох эбитэ буоллар, сменаҕа иккилии киһи туруо этэ. Ону үс оһох буолан сменаҕа биирдии турар.
Үс оһоҕу чох баһар күрдьэх, чоҕу соһор баалынай көмөтүнэн оттоҕун. Тымныы күннэргэ сменаҕа массыынаттан ордук чох оттуллар. Ол чоххун 30-40 миэтэрэ сиртэн таһыахтааххын, дабааны дабатыаххын. Котельнайбыт айаҕар булгунньах буолбута чохтоох массыынаны чугаһаппат. Итинник үлэлээҥҥин сменаҥ бүтүүтүгэр олимпийскай ноҕоруусканы ыллым диэхтээххин.
Сарсыарда дьиэҕэр кэлэн утуйан баран нөҥүө сарсыардатыгар турдаххына – баһыыба! Дьэ, хайдаҕый, мээнэ “асс” дэммэтэхпин дуу, быһыыта?
Байбал ЧЫРБААСКАЙ, М. Аммосов аатынан КП КК асс кочегара (ити пилоттарга чугасаһан “асс” дэнним, сахалыы “аас” диэтэхпинэ, аччык дуу кырдьаҕас дуу диэн тиэрэ өйдүөхтэрин сөп), 31.03. 1994 с.