«Дьиэ кэргэҥҥэ иитиини ѳөйүүр «Берегиня» киин» (сэб. Мария Винокурова) Нам улууhугар халаантан ыксаллаах режим биллэриллиэҕиттэн, социальнай көмөнү оҥорон саҕалаабыта.
Халаан уутугар эмсэҕэлээбит дьиэ кэргэн оҕолоро, төрөппүттэрэ «Берегиня» кииҥҥэ олорон реабилитация ааhаллар. Киин иитээччилэрэ оҕолорго араас хабааннаах дьарыктары, тэрээhиннэри, күрэхтэри, экскурсиялары тэрийэн ыыталлар. Психолог уйулҕалара бөҕөргүүрүгэр, чөлүгэр түhэригэр сөптөөх көмөнү оҥорор. Медик доруобуйаларын кэтээн көрөр. Социальнай педагогтар ууттан эмсэҕэлээбит ыалларга сылдьан социальнай, педагогическай, правовой өҥөнү оҥороллор.
Реабилитацияны күн бүгүн 18 оҕо, 2 төрөппүт ааста. Киин үлэhиттэригэр махталлара улахан.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Виктория» сайыҥҥңы оҕо сынньанар лааҕырыгар бастакы, иккис сезоннарыгар 10 оҕо сынньана барара былааннанна.
Коллективпыт бииргэ үлэлиир дьоммут ийэлэригэр уу халааныттан эмсэҕэлээбит Хатырык нэhилиэгин аҕа саастаах олохтооҕор Люция Афанасьевна Ивановаҕа харчынан көмөңоҥоһулунна.
Улууска хомунар, ыраастанар улахан субуотунньукка социальнай харалта управлениетын, өрөспүүбүлүкэтээҕи техникум-интернат тэрилтэлэрин кытта холбоhон, ууттан эмсэҕэлээбит Иван Николаевич, Мария Афанасьевна Лукиновтар (Хатырык) дьиэ кэргэҥҥэ тиийэн, малы-салы куурдууга, дьиэ таhын хомуйууга, бөхтөн босхолонууга, дьиэ муостатын көтүрүүгэ көмөлөһөн, улахан кылааты киллэрдилэр. Көмө салҕанар.
С.М. Кокарева, «Берегиня» киин специалиһа