Көҥүл тустууга Нам улууһун сүүмэрдэммит хамаандата “Спортивные Якутяне” спартакиадаҕа кыттарга бэлэм

Нам улууһун көҥүл тустууктара Саха сирин үөрэнээччилэрин “Спортивные Якутяне” спартакиадаҕа кыттаары ох курдук оҥосто, дьарыктана сылдьаллар.

“Сөптөөх бэлэмнэнии, дьарыктаныы аастыбыт. Нам оҕолоро үгүс күрэхтэһиилэринэн сылдьан “Спортивные Якутяне” кыттарга, көбүөргэ тахсарга бэлэмнэр”, – диир аҕа тренер Сергей Семенов.

Нам улууһугар халаан уутунан сибээстээн, оҕолор спартакиадалара Дьокуускай уонна Горнай улууһугар ыытыллыахтара. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрэ көҥүл тустууга 5-с нүөмэрдээх Оҕо спорт оскуолатыгар көрсүөхтээхтэрин Нам улууһун аҕа тренерэ Сергей Семенов этэр.

Петр Юмшанов аатынан Намнааҕы Оҕо спорт оскуолатын тренерэдэрэ Кирилл Павлов, Владимир Копырин уонна Сергей Семенов көҥүл тустууга Нам сүүмэрдэммит хамаанданы кыһыҥҥыттан дьаныардаах дьарык ыытан кэллилэр. Нэдиэлэ устата тустуук уолаттар, кыргыттар күүстээхтик эрчиллиэхтэрэ.

Нам сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн улуус чиэһин көмүскүөхтэрэ: 44 киилэҕэ Хатыҥ Арыы оскуолатын үөрэнээччитэ Иванов Тимур; 48 кг Намнааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуолаттан Попов Эрхан; 51 кг Олимпийскай эрэл иитиллээччитэ Петров Богдан; 55 кг Стручков Павел (Хатыҥ Арыы); 60 кг Хамаҕатта орто оскуолатын үөрэнээччитэ Игнатьев Ярик; 65 кг Михайлов Уйгун (Олимпийскай эрэл); 71 кг Прокопьев Данил; 80 кг Семенов Тимур; 92 кг Модут оскуолатын үөрэнээччитэ Марков Игорь; 110 кг Прокопьев Павел (Намнааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуола). Кыргыттарга 44 кг Ефремова Эльвира (Хамаҕатта орто оскуолата); 46 кг Гаврилова Милена (Хамаҕатта орто оскуолата); 50 кг Хамаҕатта саха-француз лицейин үөрэнээччитэ Васильева Кристина; 54 кг Охлопкова Сайыына (Хамаҕатта орто оскуолата).

Спартакиада быһаарыылаах көрүҥнэрэ волейбол, ох саанан ытыы (төрүт ох саа, классическай ох саа, блочнай ох саа), көҥүл тустуу, бокс, мас-рестлинг, дуобат, саахымат, гиирэ Дьокуускайга уонна Хатаска буолуохтара. Оттон чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин үөрэнээччилэрэ Бэрдьигэстээх “Чыпчаал” стадионугар күрэхтэһиэхтэрэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше