П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан олоҥхо дьиэтэ тэриллибитэ 10 сылын чэрчитинэн, ыам ыйын 31 күнүгэр “Эҥсиэли хочотун ураты талааннаах уустара» диэн улуустааҕы быыстапка-күрэх буолан ааста. Манна улуус нэһилиэктэриттэн тарбахтарыгар талааннаах, дьоҕурдаах уус дьахталлар биирдиилээн, түмсүүнэн кэлэн күрэхтэстэспиттэр. Хамаҕатта нэһилиэгиттэн «Кэрэ умсулҕана” сахалыы ииһинэн дьарыктанар түмсүү кыттыбыт.
Түмсүү салайааччыта Маргарита Мухина:
-
Биһиги 2019 сыллаахха тэриллибиппит. Быйыл 5 сылбытын туолабыт. Тэрийээччинэн Хамаҕатта нэһилиэгин “Түһүлгэ” сынньалаҥ киинин специалиһа Макарова Надежда Григорьевна буолбута. Кини Хаҥалас улууһуттан норуот маастара Варфоломеева Вера Семеновнаны ыҥыран аҕалан маастар-кылаас тэрийбитэ. Онно кыбытыктаах тигиини кытары билсэн үлэбит саҕаламмыта. Билигин түмсүүбүтүгэр уоммут. Бары айыан-тутуон баҕалаах ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ, эдьиийдэрэ буолабыт. Сүрүн үлэбит таһынан түмсэн сөбүлээн дьарыктанабыт. Улууска, республикаҕа ыытыллар араас быыстапкаларга, күрэхтэргэ кыттабыт, бириистээх миэстэлэргэ тиксэбит.
Күрэхпитигэр Саха республикатын норуотун маастара Жиркова Людмила Петровна салайыытынан тигиллибит оҕуруо киэргэллээх киис саҕаларбытын уонна суумкаларбытын быыстапкаҕа уурбуппут, ону билиһиннэрдибит. Маны таһынан саха дьахтара биир бастыҥ киэргэлин – өттүк симэҕин музыка доҕуһуоллаах кэтэн хааман көрдөрдүбүт. Оҥоһуктарбытын дьон сэргээтилэр, кэрэхсээтилэр, уопут атастастылар. Күрэх түмүгэр биһиги түмсүү “Бастыҥ салайааччы”, “1 үрдэл” Добун суруктарынан, сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланныбыт. Күрэх тэрийээччилэригэр барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Бу иис-уус күрэҕин дьүүллүүр сүбэтигэр Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Вера Васильевна Колпашникова, норуот маастардара Мария Петровна Сыромятникова, Мария Ивановна Шарина үлэлээбиттэр.
Мария Винокурова