Кэрэни-сырдыгы саҕар култуура үлэһиттэрэ

Дойдубут Президенэ Владимир Путин «Култуура үлэhитин Күнүн туhунан» ыйааҕа 2007 сыллаахха атырдьах ыйын 27 күнүгэр тахсыбыта. Онтон ыла кулун тутар 25 күнүгэр сыл аайы Россия үрдүнэн Култуура үлэһиттэрин күнүн бэлиэтииллэр.

Кулун тутар 27 күнүгэр Хатырык нэһилиэгэр М.К. Аммосов аатынан элбэх өҥөнү оҥорор култуура-спорт киинигэр улуус култууратын бары эйгэтин үлэһиттэрэ түмсэн идэлээх күннэрин бэлиэтээтилэр. Ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн бастыҥтан бастыҥ үлэлээх, үрдүк ситиһиилээх дьоннорун бэлиэтээтилэр.

Культура эйгэтэ хас биирдии салааны кытта ыкса үлэлиир, киэҥ хайысхалаах эйгэ буолар, онон бу бэлиэ түгэҥҥэ «Нам улууһа» МТ үөрэҕин управлениетын начальнига Мария Игнатьева уонна култуура, духуобунай сайдыы управлениетын начальнига Семен Ядрихинскай биир кэлимник үлэлииргэ икки өрүттээх сөбүлэһии түһэристилэр.

2024 сыл кулун тутар 24 күнүгэр Нам улууһун социальнай-экономическай, култуурунай сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит салайааччылартан биирдэстэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, Нам улууһун Бочуоттаах гражданина Афанасий Андреевич Протопопов төрөөбүтэ 100 сылынан, кини аатын үйэтитэр анал бириэмийэни өр сылларга култуура уонна духуобунай сайдыы управлениятын начальнигынан үлэлээбит, М.К. Аммосов аатынан СӨ Судаарыстыбыннаһын историятын музейын дириэктэригэр, СӨ культуратын туйгунугар Александр Кириллиҥҥэ туттардылар.

2023 сыл түмүгүнэн «Нам улууһугар бастыҥ култуура-сынньалаҥ тэрилтэтэ» куонкурус кыайыылааҕынан I бөлөххө 1 Хомустаахтааҕы «Алгыс» НАК (дир. Анна Мылаханова) тахсан 100 тыһыынчалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. II бөлөххө бастыҥ үлэлээҕинэн Партизаннааҕы Д.И. Кривошапкин аатынан «Хомус» ФДь (дир. Семен Гермогенов) ааттанан 80 тыһ. сертификат тутта. III бөлөххө Маймаҕатааҕы «Кыталык» КК (дир. Александр Захаров) кыайыылааҕынан тахсан 60 тыһ. сертификат ананна.

Үрдүк ситиһиилээх, таһаарыылаах үлэлээх норуот коллективтарыгар, ансаамбылларыгар В.А. Зырянов аатынан «Сарыал» норуот хора (Үөдэй), А.Н. Окоемов аатынан «Мичээр» норуот үҥкүү ансаамбыла (1 Хомустаах), «Дьурул» норуот коллектива (Партизан), «Ретро-Данс» норуот коллектива (Хамаҕатта), А.Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы НАДь норуот театра, «Ньургуһун» норуот үҥкүү-хор коллектива, «Коробейники», «Дьүөгэлэр» норуот ырыа ансаамбыллара 50 тыһ. сертификаттары туттартаатылар.

Ааспыт сыл түмүгүнэн анал ааттар кыайыылаахтара: «Лучший работник библиотечной системы» — Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Варвара Бережнева, «Лучший работник Детской Школы Искусств» — З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын үҥкүү салаатын преподавателэ Надежда Москвитина, «Лучший музейный работник» — П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейын видеооператора Станислав Слепцов, «Лучший работник СМИ» — «Эҥсиэли» хаһыат корреспондена Касьян Олесов, «Лучший профлидер» — 1 Хомустаах «Алгыс» НАК дириэктэрэ Анна Мылаханова, «Лучший молодежный лидер» — З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын үҥкүү салаатын преподавателэ Павел Винокуров, «Человек труда» — П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейын дириэктэрэ Александр Копырин.

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр, Нам улууһугар култуура сайдыытыгар көдьүүстээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээн кылааттарын киллэрсибит үлэһиттэргэ СӨ Ил Түмэнин, Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин, «Нам улууһа» МТ баһылыгын, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун кэмитиэтин бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан, анал бэлиэлэринэн наҕараадаланнылар.

«Зажечь сердца – великое призванье» күлтуура үлэһиттэрин күнүгэр аналлаах биэчэргэ биллэриллибит «Топовые фильмы» куонкуруска олус арылхайдык кыттан П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейын коллектива кыайыылаах аатын сүктэ.

Бу күн култуура салаатыгар киирэр үлэһиттэр, бэтэрээннэр мустан санаа атастаһан, ирэ-хоро кэпсэтэн, М.К. Аммосов аатынан элбэх өҥөнү оҥорор култуура-спорт киинин сэргии көрөн, сынньанан тарҕастылар.

Семен Аргунов

Читайте дальше