«Кэскил» балаҕаҥҥа — субуотунньук

Хамаҕатта нэһилиэгин Д.Д. Новгородов аатынан «Кэскил» балаҕаныгар күһүҥҥү өрөмүөн үлэтэ саҕаланна.

Бүгүн балаҕан үрдүн, истиэнэлэрин, олох сыҥаһалары, муостаны сууйар-тарыыр, түннүктэри иһиттэн-таһыттан сууйуу-сотуу үлэтэ буолла. Көмүлүөк оһох испиэскэлэннэ.

Субуотунньукка нэһилиэк общественниктара, үлэ бэтэрээннэрэ Людмила Петрова, Полина Оконешникова, Мария Винокурова, Анна Таркаева, Екатерина Дорофеева кытыннылар, үлэни балаҕан хаһаайката Ольга Новгородова тэрийэн ыытта.

Аны балаҕан муостатын лаахтыыр, балаҕан аанын бүрүөһүнүн саҥардар, кирилиэһи уларытар үлэлэр күүтэллэр.

Мария Винокурова

Читайте дальше