Василий Никифорович Жирков — кэргэним, аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит 1939с. от ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтэ, баара буоллар быйыл 85 сааһын томточчу туолуохтаах этэ.
Кини 1957с. Нам орто оскуолатын бүтэрэн СГУ техфагар үөрэнэ киирэн, 1963 с. ситиhиилээхтик бүтэрэн, Покровскайдааҕы кирзавод карьерын начальнигынан ананан үлэлээбитэ. Салгыы Амма оройуонун райсоветыгар архитекторынан ыҥырыллан үлэлии сырыттаҕына, тутуу учаастагар прорабынан үлэлэтэ ыыппыттара. Бу кэмнэргэ Василий Амматааҕы комсомол райкомун штаты таhынан сэкирэтээринэн үлэлээн, оройуон ыччаттарыгар элбэх өрүттээх үлэни ыытыhара. Ол сылларга Новосибирскайдааҕы тутуу институтугар кэтэхтэн үөрэммитэ.
Онтон 1970с. Василий Никифорович Горнай оройуонугар Бэрдьигэстээх тутуу учаастагын начальнигынан үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн САССР Министрдэрин Сэбиэтигэр 1973с. тутуу инструкторынан ананан, республика үгүс оройуннарыгар элбэх капитальнай тутуу ыытылларыгар көхтөөхтүк кыттыбыта, салайааччы быhыытынан ситэн-хотон, бэйэтин дьоҕурун көрдөрбүтэ. Ол үлэлии сырыттаҕына, 1977с. Хабаровскайга үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэтэ ыыппыттара.
1979с. үөрэҕин ситиhиилээхтик бүтэрэн кэлэн, оҕо сааһа ааспыт дойдутугар, Райсовет исполкомун председателинэн быыбарданан, 1988с. дылы, Нам сирэ тупсарын-сайдарын туһугар туох баар билиитин-көрүүтүн, күүһүн-күдэҕин, дьоҕурун ууран үлэлээбитэ. Ол курдук, үлэтин биир үрдүк ситиһиитинэн — Нам оройуонугар гаастааһыны утумнаахтык туруорсан, сүүрэн-көтөн, элбэхтик үлэлэһэн, республикабыт атын оройуоннарыттан биир бастакынан саҕалаабыта диэн сыаналыыбыт.
Бииргэ үлэлээбит дьонноро этэллэринэн кини сүрдээх ирдэбиллээх салайааччы этэ. Элбэх сыратын бөһүөлэктэр генпланнарын оҥорторууга, олохтоох кадрдарыы иитиигэ, социальнай тэрилтэлэр материальнай-техническэй базаларын бөҕөргөтүүгэ, оройуон кэскиллээх былаанын 2005 с. диэри оҥорууга, промышленнай тэрилтэлэр былааннаахтык сайдыыларын ситиһиигэ биэрбитэ. Тыа хаhаайыстыбатын элбэх өрүттээх көрүҥнэрин ситимнээхтик сайыннарар туһугар элбэҕи оҥорбута-туппута. Дьонун-сэргэтин туһугар түүннэри-күнүстэри үлэлиирэ. Ханнык баҕарар боппуруостары сүбэ бэрээдэгинэн быhаарсар буолара уонна туолуутун эмиэ оннук киhилии сиэринэн быhаарсара. Дьоҥҥо көмөлөһө, кыһалҕаларын-наадаларын быһаарса сылдьара.
1988 с. ахсынньы ыйыгар Нам оройуонун Райсоветын председателиттэн босхолообуттарын кэнниттэн, Дьокуускай куоракка көhөн киирбиппит. Онно маҥнай «Агропромстройга» – партсекретарынан, тыа хаhаайыстыбатын институтугар — тутууга проректарынан, онтон күн сириттэн барыар диэри Юстиция министерствотыгар — тутууга министр солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Василий Никифорович 1992с. олунньу ый 26 күнүгэр 52 сааhыгар эмискэ тымыра быстан олохтон барбыта.
Василий Никифоровичтыын биһиги дьиэ-кэргэн түөрт оҕолоохпут. Кэргэним биэс сиэнин көрөн-истэн, сыллаан-уураан эһээ быһыытынан сиэн оҕо минньигэһин билбитэ. Кэнники төрөөбүт 4 сиэммитин, 11 хос сиэммитин көрбөтөҕө олус хомолтолоох. Ол эрээри мин саныырбынан, кэргэним дьоллоох киһи — кини аатын ааттатар, оҥорботох дьыалаларын ситэрэр, кини олоҕун салгыыр-кэҥэтэр кэнчээри ыччаттардаах. Оҕолорбут, сиэннэрбит бары үрдүк үөрэхтээх-идэлээх дьон буолан, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Аҕаларын, эһээлэрин, хос эһээлэрин сырдык кэриэһин умнубаттар, кининэн киэн тутталлар, холобур оҥостоллор. Биһиги өйбүтүгэр кини өрүү эйэҕэс, дириҥ өйдөөх-санаалаах, киэҥ дьоҕурдаах, ыраас дууһалаах, элбэх доҕоттордоох, үрдүк эппиэтинэстээх үлэһит киһи, төрөөбүт дойдутун дьиҥ чахчы патриота.
Бэйэм уонна ыччаттарбыт ааттарыттан кэргэним таптыыр Намын олохтоохторугар бары үчүгэйи, ситиһиилэри, өрүүтүн дьоллоох-саргылаах, чэгиэн-чэбдик доруобайалаах буолууну баҕарабыт.
Тамара Жиркова, В.Н. Жирков огдообото