Колхознай уулусса оҥоһуллуоҕа

Дьон-сэргэ өйдөөн олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр программаҕа (ППМИ) уо.д.а. бырайыактарга кыттар буолбута сэлиэнньэҕэ үлэ барыытын туоһулуур.

Инникитин да, намнар маннык хабааннаах конкурстарга, үлэлэргэ биир санааланан, түмсэн көхтөөх кыттыыны ылыахтара. Ленскэй нэһилиэккэ быйыл уу ситимэ уонна суол оҥоруута ыытыллар. Санатан эттэххэ, Намская уулуссаҕа уу ситимин турбата холбоммута.

Бу күннэргэ Колхозная уулуссаҕа суол көннөрүүтэ ыытыллара күүтүллэр. Нам сэлиэнньэтин хоту эҥэригэр депутаттар, салайааччылар күүстэрин холбоотохторуна, күттүөннээх хамсааһыннар тахсыахтара, уларыйыылар барыахтара. Нэһилиэнньэни, салалтаны кытта сөптөөх кэпсэтии ыыппыт депутаттар Иннокентий Суздалов, Николай Абрамов кэккэлэрэ хаҥыырыгар баҕарабыт.

“Бу суол туруга олох мөлтөх. Тустаах программаҕа (ППМИ) кыайан, нэһилиэнньэ бэйэтин өттүттэн харчы хомуурун тиксэрдэ. Олохтоох дьаһалта бэдэрээтчити кытта кэпсэтии ыытта”, – диир МАУ АРТ салайааччыта Виктор Яковлев.

Ленскэй нэһилиэк пресс-сулууспата

Читайте дальше