Аҕа дойду Улуу сэриитин биир кырыктаах киирсиитэ Крым сиригэр буолбута историяҕа суруллар.
Хамаҕатта нэһилиэгиттэн Крымы босхолооһуҥҥа Оһуобай Приморскай армия Калинин аатынан Кыһыл Знамялаах Суворов уордьаннаах гвардейскай мотострелковай Таманскай дивизиятын 890-с горнай-стрелковай полкатын 1-кы батальонун 3-с стрелковай ротатыгар сэриилэспит Гаврил Гаврильевич Жирков (1924-1981 сс.) буолар.
Биир дойдулааҕа, суруналыыс Макар Жирков кини ахтыытын улуус хаһыатыгар маннык сырдаппыта баар:
Крым барыта өстөөх илиитигэр баара. Керчь диэн, кэнники Герой-куорат буолбут, куораты төттөрү-таары ылыыга элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыы кэнниттэн босхолообуппут уонна арҕаа диэки кимэн киирэн испиппит. Евпаторияны, Симферополы, Феодосияны, Алуштаны, Ялтаны сэриилээн ылбыппыт. Өстөөх тиһэх күүстээх утарсыытын Севастополы ылларымаары Сапун хайа анныгар көрсүбүппүт. Сапун хайаны 1944с. ыам ыйын 7 күнүгэр штурмалаан ылбыппыт. Севастополы төттөрү-таары ылыыга эмиэ хаан тохтуулаах киирсии буолбута. Киһи сылбах курдук охтубута. Сэрии сэбэ урусхалламмыта, сир киһи хааныттан ньуура көстүбэт гына кытара сытара. Халлаан адьас көстүбэт гына оргуйа, будулуйа турара. Биһиги урусхал буолбут техниканан хаххаланан өлбүт дьон быыһынан «За Родину!, За Сталина!» диэн хаһыытыы-хаһыытыы өстөөхтөр утары сүүрбүппүт. Ол истэхпинэ, атаҕым эмискэ аһый гына түспүтүгэр сууллан түспүтүм. Буулдьа уллукпунан нөҥүө тахсан, босхолоспут Ялта куораппар түөрт ый эмтэммитим».
Гаврил Жирков Ийэ дойдутун иһин бойобуой суола «Севастополы ылыы иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.
Мария Винокурова