Нам кэрэ көстүүлээх буоларыгар бары туһунан баҕа санаалаахпыт, толкуйдаахпыт. Ол эрээри, үлэлэр сааһыланан бардыннар. Маҥнай, санааны хайыппакка Доҕордоһуу болуоссата саҥардылларыгар олохтоохтук ылсыахха, болҕомтобутун ууруохха. Ол — куоластааһын!
Иккиттэн биирин талыы – бигэ буолуу. Тоҕо диэтэр, куоластааһыҥҥа, хайаатар да талыы баар. Онон ис туругу хас да өрүккэ хайытарбыт төрүт наадата суох!
“Бырайыак – үлэ саҕаланыыта. Саамай сүрүнэ, бырайыагы олоххо киллэрии. Ол туһуттан элбэх үлэ ыытыллыан наада. Дьон биир киһи курдук биһирээн өйөөтөҕүнэ кыаллар суол. Биһиги толору бүппүт болуоссаты ойуулаан көрдөхпүтүнэ, Намҥа олус кэрэ көстүү баар буолуоҕа”, – диир “Эйгэ” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Геннадий Попов.
Санаттахха, Нам олохтоохторо Доҕордоһуу болуоссатын хайдах көрөллөрүн салалтаҕа ойуулаабыттара, ыйытыкка хоруйдаан тест толорбуттара. Хамсааһын таһааран бараммыт, үлэ ыыппыппытын бостуой халтайга хаалларбакка, быыбар күннэриттэн Доҕордоһуу болуоссата Намҥа баар буоларыгар, олоххо киирэригэр куоластаан саҕалыахха!
Харысхан Попов