Бэҕэһээҥи, оонньуу бэһис күнүн түмүгүнэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит хамаандатыгар көҥүл тустуу түмүктээх буолла – 2 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээл ситиһилиннэ.
Хамаандаҕа кыһыл көмүһү маҥнайгынан 44 кг Ариан Винокуров аҕалла. Кини утарсааччыта, Власий Афанасьев, өрөспүүбүлүкэ иккис хамаандатын тустууга үрүҥ көмүһү ылла. Иккис кыһыл көмүс мэтээли 48 кг Никифор Семенов ылла. Оттон өрөспүүбүлүкэ иккис хамаандатыттан Нам улууһун тустууга эрэлэ Саян Федоров 57 кг үрүҥ көмүс мэтээли кэттэ. Боруонсаны 68 кг Пантелеймон Софронеев ылла.
Кузьма Сивцев, көҥүл тустууга эдэрдэргэ өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренерэ:
— Бүгүҥҥү кыайыылар — бүтүн хамаанда уһун, унньуктаах, сыралаах үлэтин түмүгэ. Ситиһиилэрбитинэн астынныбыт. Хамаанда кыайыы туһугар эрэ дьулуспута. Онон саха тустуутун оскуолата оҕо спордугар үчүгэй хамсааһын баарын, инникилээҕин көрдөрдө. 2017 сылтан 14-15 саастаахтарга дойду үрдүнэн биһиэхэ призердар суохтар этэ. Хата, “Азия оҕолоро” оонньууга кыттар кыах үөскээтэ. Ол эрэн, бу бүгүҥҥү эрэ көрдөрүү, иннибитигэр саҥа түһүмэхтэр күүтэллэр. Бу күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэнэрбитигэр Саха сирин спордун министерствота, оонньуу дирекцията улахан үбү-харчыны тыырбытыгар махталбын тиэрдэбин. Төһөнөн өйөбүллээхпит да, соччонон эдэр спортсменнар сайдыылара тэтимирэр.
Санатан эттэххэ, “Азия оҕолоро” VIII норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу бэс ыйын 26-тан, от ыйын 7 күнүгэр диэри Дьокуускайга буола турар. Манна 24 дойдуттан барыта 30 хамаанда кытта сылдьар. Спорт 24 көрүҥэр эдэр спортсменнар 239 кэмпилиэк мэтээл иһин күрэхтэһэллэр.
Дойду президенэ В.В. Путин “Азия оҕолоро” оонньуу кыттааччыларыгар эҕэрдэтигэр күрэхтэһии тэрээһинин үрдүктүк сыаналаабыта. Оҕо спорда сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрэрин, бүтүн Олимпийскай хамсааһын сүрүн санаатын тарҕатарын, араас дойдулары кытта доҕордуу сыһыаны бөҕөргөтөрүн бэлиэтээбитэ. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна правительствотын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Лена Ноговицына
Хаартыскаҕа: 57 кг үрүҥ көмүс мэтээли ситиспит Саян Федоров / / «Дети Азии» комитет.