Социалистическай революция уотун ортотугар үөскээбит Ленинскэй комсомол бу сыалай биир көлүөнэ дьон олоҕо – Улуу комсомол олоҕо. Комсомол историята бүттүүн норуот историятын быстыспат сорҕото, саҥа олох туһугар ыччат хамсааһынын хайҕаллаах суолун туоһута.
Комсомол төрүттэниитин историятын кэрчиктэрэ
Хорсун комсомолецтар
—Кулаковскай Тимофей Николаевич – ЫКС чилиэнэ, Хатырыкка кыаммат дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Тимофей кыра сааһыттан нэһилиэгин баайыгар хамначчытынан үлэлээбитэ. Советскай былаас маҥнайгы күннэриттэн тойоттору-кулаактары утары эйэлэһимтиэтэ суох охсуһууну ыыппыта. 1921 с. улууска тэриллибит кыһыл дружинаҕа киирбитэ, онно разведкаҕа сылдьыбыта. Тимофей Кулаковскай кулун тутар 6 күнүгэр 1922 с. Киллэм сэриитигэр аҥар атаҕын уонна илиитин тоһуттаран баран бандьыыттары утарыытыалаһа сытан геройдуу сырдык тыына быстыбыта, сааһа 20 эрэ этэ.
—Охлопков Тимофей Николаевич-Соттой – ЫКС чилиэнэ, Нам улууһугар Хамаҕатта нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ат сүүрдээччи Николай Охлопков ортоку оҕото. Добровольнай дружина чилиэнэ этэ. 1921 с. күһүнүттэн комсомольскай ячейка секретара.
—Ощепков Семен Кононович – ЫКС чилиэнэ. Нам улууһун Хатырык (Маймаҕа) нэһилиэгэр орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Добровольнай дружина чилиэнэ үгүс кыргыһыыларга кыттыбыта. 1922 с. бэс ыйыгар Киллэмҥэ ыараханнык бааһыран, илиититтэн винтовкатын араарбакка, үрүҥнэри утары салгыы охсуһа сыппыта. Хорсун комсомолец ити ыарахан бааһырыыттан өрүттүммэтэҕэ.
—Петров Афанасий Николаевич – ЫКС чилиэнэ, Таастаах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Волревкомҥасекретарынан үлэлээбитэ. Нам оскуолатын сэттис кылааһыгар үөрэммитэ. Улуус баайдарын уонна тойотторун утары активнайдык охсуһара, маассаны саҥа советскай былаас тула түмэргэ күүһүн харыстаабакка үлэлэһэрэ. 1922 с. тохсунньуга Белянкин командирдаах ЧОН этэрээтигэр киирсэн Алдаҥҥа барсан иһэн Сиэгэн Күөл таһыгар тоһуурга түбэһэн геройдуу өлбүтэ.
—Федоров Петр Елисеевич – ЫКС чилиэнэ, Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр орто бааһынай кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1921 с. 20 саастааҕар нэһилиэк ревкомун секретарынан үлэлээбитэ. Нэһилиэк ревкомовецтарын улуустааҕы дьадаҥыларын, хамначчыттарын уонна ревкомнарын конференциятын кыттыылааҕа. 1922 с. саҥатыгар бандьыыттар тутан ылан Чурапчыга «колотушкаҕа» кырбаан өлөрбүттэрэ.
—Нигматулин Сайфул Насибулович – ЫКС чилиэнэ, Хатыҥ Арыыга матрос кэргэнигэр төрөөбүтэ. 17 саастаах уол Якутскай куоракка 1920-1921 сыллардаах үөрэх дьылыгар нуучча-татаар оскуолатыгар үөрэммитэ. 1922 с. саҥатыгар Нам кыһыл этэрээтигэрбайыаһынан киирбитэ. Муус устар ыйга Маҥан сэлиэнньэтин иһин кыргыһыыга геройдуу охтубута.
—Прибылых Георгий Георгиевич – ЫКС уонна РК(б)П чилиэнэ. 1901 с. Нам улууһугар Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Колчак былааһа эстибитин кэнниттэн нэһилиэк ревкомун председателинэн, губерниятааҕы үлэ кэмитиэтигэр үлэлээбитэ. ЧОН этэрээтин чилиэнэ, 1921 с. алтынньы ыйга кини Каратаев этэрээтин кытары Уус Маайа улууһугар үрүҥ баанданы утары охсуһууга кыттыбыта. Кыһыл этэрээт разведчиктарын бөлөҕөр бэйэтин баҕатынан киирбитэ. Алтынньы 20 күнүгэр разведчиктар Уус Маайа улууһун Күп нэһилиэгэр үрүҥ баандалары кытта сэриигэ хорсуннук өлбүтэ.
—Кривошапкин Иннокентий Прокопьевич – Таастаах нэһилиэгин киһитэ. 1921 с. Якутскайга киирэн Кыһыл Армия байыаһа буолбута. 1925 с. диэри бандьыытары утары үгүс охсуһууларга кыттыыны ылбыта. Кулун тутар 4 күнүгэр Петропавловскай селотуттан 20 биэрэстэлээх Иһит диэн сиргэ өстөөҕү кытта кыргыһыыга билиэн түбэһэн, ынырык сордооһун-муҥнааһын кэнниттэн 24 эрэ саастааҕар өлөрбүттэрэ.
—Посельскай Иван Иосифович (Кымов) – Нам оройуонун бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, комсомольскай ячейка бастакы секретара, ЫРКС Саха сиринээҕи Губкомугар үлэҕэ ылыллыбыта. Онно үлэлиир кэмигэр ЧОН доброволеһа этэ. Өлүөхүмэ, Ленскэй уезтардааҕы комитеттарын секретарынанүлэлээбитэ, Нам, Якутскай, Бороҕон, Байаҕантай, Дүпсүн улуустарыгар партийнай үлэни ыытыыга үгүс сыратын биэрбитэ.
Хорсун комсомолецтар ааттара сүппэккэ, өлбөөдүйбэккэ кэлэр көлүөнэҕэ холобур буола сылдьыахтара.
А.Д. Яковлев, В.Д. Попова хомуйан оҥорбут
«Аалай уоттаах сулуһум» кинигэттэн