Күлүмүрдүү тыкпыта көмүс күн

Салбаҥнар биир дойдулаахпыт, бэйиэт М.Н. Жирков-Хара Макаар Кыайыы күнүн «Күлүмүрдүү тыкпыта көмүс күн» диэн хоһуйбутунуу Өрөгөйдөөх үтүө күнү долгуйан туран ыллыбыт.

Парад Өйдөбүнньүк-Сулустан саҕаланна, мантан эһэлэрбит, таайдарбыт уоттаах сэриигэ аттаммыттара. Кини көнө кырдалыгар оонньоон-көрүлээн бараллара үһү. Сорохторго бу бүтэһик оонньуулара буоларын билбэккэ барбыттар…

«Албан аат» скверигэр сэлэлии хааман тиийдибит. Венок ууруута, оскуола оҕолоро строевойдаан киириилэрэ, чуумпуран туруу, үлэ, тыыл бэтэрээнигэр Мария Александровнаҕа, сэрии кэмин оҕолоругар: Клара Гаврильевнаҕа, Гастелло Петровичка сэмэй бэлэхтэри туттарыы музыкальнай нүөмэрдэринэн доҕуһуолланан буолла.

Салгыы олохтоох балаҕаҥҥа «Саллаат хааһыта» диэн мип-минньигэс гречка хааһыны тото-хана сиэтибит, Кыайыы ырыаларын иһиттибит, Зинаида Сивцева бэлэмнээбит викторинатыгар кытынныбыт.

Татьяна Касьянова