Өлүү суола хас биир киһини бэлиэтии, көрө-истэ сылдьар. Биһиги дьиэ кэргэни таһынан ааспата… Ыар ыалдьыт буолан күндү киһибитин, күн күбэй ийэбитин, эйэҕэс эбээни Иванова Антонина Александровнаны ааспыт 2023 сыл уһун ыарахан ыарыыттан олохтон илдьэ барбыта бу дьыл муус устар 24 күнүгэр биир сылын туолар.
Биһиги ийэбит чаҕылхай Махсыым үөскээбит Хатырык сиригэр ыам ыйын 4 күнүгэр 1961 с. төрөөбүтэ. Ийэтэ Нектягаева Александра Кирилловна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр блокада кыттыылааҕа, Хатырык оскуолатын начальнай кылаас учуутала бэйэтин сылаас илиилэригэр бүөбэйдээн, улаатыннаран оскуола начальнай кылааһыгар үөрэттэрэ биэрэр.
Туонньуската алын сүһүөх эрдэхтэн эргиччи талааннааҕа. Оскуола тэрээһиннэригэр чабырҕахтаан чаҕаарара, хомуска оонньоон дьиэрэһитэрэ. Дьиэтин иһигэр ыытыллар бырааһынньыктарга убайын Киэсэни кытта, ону тэҥэ, чугас ыалларын оҕолорунаан кэнсиэр тэрийэ оонньууллара эбитэ үһү.
Бииргэ үөрэммиттэрин кэпсээннэриттэн кылаас иһигэр саамай мэниктэрэ биһиги ийэбит эбитэ үһү. Олус дьиибэлээх-дьээбэлээх, үөрүнньэҥ, элэккэй, эйэҕэс майгылаах, аламаҕай дууһалаах, сырдык, ыраас санаалаах – бу барыта биһиги ийэбит…
Барытыгар дэгиттэр талааннаах. 2009 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэрэ 30 сыллаах үбүлүөйүгэр кылааһын оҕолоро харчынан үбүлээн күүс-көмө буолбуттарыгар, тапталлаах Намын сиригэр, эҥсилгэн сүүрүктээх Эҥсиэлитигэр, төрөөбүт Хатырыгар кэлбитэ.
Бу сылтан ыла Нам дэриэбинэтигэр олохсуйан дьиэ кэргэнин кытта олорбута… Аҕабытынаан тэҥҥэ Нам сэлиэнньэтин култууратын тэрээһиннэригэр, А.Ф. Шестаков аатынан сынньалаҥ киин араас күрэстэригэр, кэнсиэрдэригэр, көр-күлүү бэтиэхэлэригэр көхтөөх кыттыыны ылаллара…
Намнааҕы норуодунай театр сүрүн артыыската, чабырҕахсыт бэрдэ. Ахсаанын сиппэт биһирэбил суруктар, дипломнар, грамоталар, Махтал суруктар улуус баһылыга, нэһилиэк баһылыга бэчээттээхтэр биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна сиэннэригэр умнуллубат өйдөбүнньүк буолан хааллылар…
Улуу Москва куорат «Бэс Чагда» санаторийыгар Нам улууһун култууратын аатыттан Нам театрын көмөтүнэн сынньанан, чэбдигирэн олус астынан кэлбитэ… Саха сирин постпредствотыттан биһирэбил ылан олус үөрэн, кынаттанан кэлбитэ… Ыарахан ыарыы булбатаҕа буоллар, өссө да уһуннук олорор баҕа санаалааҕа…
Ыарахан кэммитигэр биһиги дьиэ кэргэни өйөөбүт, күндү киһибит көмүс уҥуоҕун тутарга күүс-көмө буолбут ийэбит бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэригэр, «Сандалы» остолобуойга бииргэ алтыспыт, үлэлээн ааспыт коллегаларыгар, «Ленскэй нэһилиэк» МТ дьаһалтатын баһылыга Петр Григорьевич Сокольниковка, солбуйааччыта Т.Е. Охлопковка, нэһилиэк депутаттарын председателэ Е.Е. Охлопковка, улуус баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцовка, «Эҥсиэли оһуохайа» общественнай түмсүү чилиэннэригэр, салайааччы Татьяна Ивановна Евсееваҕа, Олоҥхо дьиэтин коллективыгар, дириэктэригэр Вера Васильевна Колпашниковаҕа, скандинавскай хаалыктаах хаамыы «Хардыы» түмсүү салайааччыта Матвеева Клара Иннокентьевнаҕа, «Сыркы» инбэлииттэр түмсүү Намнааҕы салалтатыгар Людмила Васильевна Собакинаҕа, улуус инбэлииттэрин түмсүүтүн председателэ Марина Дмитриевна Литвиноваҕа, М.Н. Матвеевка, Мииринэй таас үрэҕиттэн аймах-билэ дьоммутугар, мин кылааһынньыктарбар, Бүлүү колледжыгар бииргэ үөрэммиттэрбэр уонна да атын көмө буолбут дьоммутугар махталбыт муҥура суох…
Кыргыттара Вика, Чэмэлиинэ, уола Савва, сиэннэрэ Руслан, Дьулустаан