Бэс ыйын 6-9 күннэригэр Кытай народнай республикатын Хуньчунь, Яньцзи куораттарыгар Кытай уонна Россия культураларын сылын иһинэн тэриллибит Аан дойдутааҕы «Академия Детства» фестиваль-конкурска, З.П.Винокуров аатынан Намнааҕы Оҕо Искусствотын оскуолатын 1-Хомустаахтааҕы филиалын хореография отделениетыттан «Күнчээн» оҕо үҥкүү коллектива 17 оҕо буолан, салайааччы СӨ култууратын туйгуна Туяра Мохова, эдэр хореограф Сардана Березкина, ону тэҥэ художественнай отделение үөрэнээччилэрэ Иванов Слава, Винокурова Анита, Гаврильева Милена үлэлэрэ, салайааччы Юлия Иванова ситиһиилээхтик кыттан «Лауреат 1- степени» үрдүк ааты ылан, Гала кэнсиэргэ киирэн кытыннылар.
Бу ыраах айаннарыгар сүрүн төрүөтүнэн буолла — республиканскатааҕы «Тойон Мүрү» үҥкүү күрэҕэр кылаан чыпчаал ааты ылан 80.000 солк. сертификатынан наҕараадалара. Бу ылбыт үптэринэн таҥас тиктэн, музыка оҥотторон
конкурска икки үҥкүүнү бэлэмнээтилэр. Ол курдук,
«Ойор-тэйэр муос оонньуурдар» туруорааччы Туяра Мохова, иккис үҥкүүлэринэн Нам улууһун, Хомустаах Бастакы нэһилиэгин киэн туттар, ытыктыыр, сүгүрүйэр киһилэрэ СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Нам, Уус-Алдан улуустарын бочуоттаах киҺитэ, «Мичээр» образцовай народнай оҕо үҥкүү ансаамбылын төрүттээччитэ, элбэх үҥкүү автора Александр Окоемов туруорбут «Муҥха» үнкүүтүн сөргүтэн кытыннылар.
Түгэнинэн туһанан
мунура суох махталларын тириэрдэллэр: аранжировщиктарга Л.М. Ивановка, В.М. Сивцевкэ, көстүүм худуоһунньугар Нь.Е. Ябловскаяҕа, иистэнньэҥ А.Е. Охлопковаҕа, «Мичээр» образцовай народнай оҕо үҥкүү коллективын салайааччытыгар Татьяна Филипповаҕа уонна күндү бииргэ үлэлиир 1-Хомустаахтааҕы оҕо искусствотын оскуолатын филиалын салайааччытыгар Туйаара Бережневаҕа, убаастыыр коллегаларбытыгар, охранниктарбытыгар, күүс-көмө, өйөбүл буолар төрөппүттэрбитигэр.
Менеджердэр Вилена Сергей Михайловтар
Хуньчунь, Яньцзи куораттар кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрдөрдүлэр, атракционнарга, аквапаркаҕа сөтүөлэтэн, таас муостаны оҕолор астына көрдүлэр.
Күнчээн» улахан састааба билигин «Дети Азии» оонньуу культурнай программатын кыттааччылара буолан үлэбитин салгыыбыт.
@gazetaensieli