«Саха сатаабатаҕа суох» диэн мындыр этии мээнэҕэ буолбатах. Алтынньыга бэлиэтэнэр Ийэ күнүн чэрчитинэн, Түбэтээҕи олохтоох модельнай библиотека тэрийиитинэн ийэлэргэ аналлаах «Наши руки — не для скуки! Всё умеют делать руки!» диэн девизтээх олус туһалаах маастар кылаас-ыытылынна, сэргэх күн ааста.
Маастар-кылааһы Дьокуускай куорат үһүс көлүөнэ волонтердара А.Н. Петрова уонна Ш.Б. Осипова олус кичэллээхтик, кыһаллан ыыттылар. Ол курдук, ийэлэр, кыыс аймах түмсэ түһэн, аныгы сиэдэрэй көстүүлээх ротанганан кашпо оҥорорго үөрэннилэр. Күннээҕи түбүктэн сынньанан, күлэ-үөрэ сэһэргэһэн, хас биирдии ийэ үлэтин түмүгүн көрөн үөрэн, сатабыллаах, талба талааннаах үөрэтээччилэргэ, тэрийээччилэргэ махтанан тарҕастылар. Аны да атын маастар-кылаастары күүтэбит диэн баҕа санааларын эттилэр.
Людмила Григорьева