Партизан нэһилиэгэр сайыҥҥы лааҕыр оҕолоро бойобуой дьайыы кыттыылаахтарыгар, байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар ийэлэригэр, аҕаларыгар, кэргэттэригэр эҕэрдэ сурук, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар уонна дьэрэкээн уруһуйдарын бэлэхтээтилэр.
Аҕа баһылыкпыт Алексей Зырянов байыастар чугас дьонноругар сэмэй остуол бэлэмнээн, чэй иһэ-иһэ санааларын үллэһиннилэр. Барыта 11 киһиэхэ бэлиэ күҥҥэ болҕомто уурулунна.
“Күөх, эйэлээх халлааны! Оҕолорбут, уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр, байыаннай дьайыы түргэнник бүттүн!»- диэн нэһилиэк баһылыга баҕа санаатын тириэртэ.
П. Скрябина