Ыам ыйын 10-11 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка цифровой технологияларга уонна үөрэхтээһин робототехникатыгар «Сила инженерии» тиэмэтигэр «Деталька-2024» Бүтүн Аан дойдутааҕы күрэхтэһии ыытыллыбыт.
Бу научнай-техническэй хайысхаҕа оҕолор инженернэй толкуйдааһыннарын сайыннарар уонна үөрэнээччилэр, оскуола инниннээҕи саастаах оҕолор ИТ хайысхаҕа, техническэй эйгэҕэ идэлэри талалларыгар көҕүлүүр сыаллаах күрэхтэһиигэ Нам улууһуттан региональнай этап күрэхтэһиитин ааспыт 3 детсад хамаандалара кыттыбыттар: Нам с. 1 N-дээх «Солнышко» — Гоголев Тимур, Самсонов Артур (тренер Николаева Т.А.), Нам с. 4 №-дээх «Чэчир» – Петрова София, Васильев Юриан (тренер Собакина Ю.В.), Бөтүҥ нэһилиэгин «Сардаана» – Дьяконов Талбан, Иванов Арсен (тренер Заровняева У.А.).
Бүтүн Аан дойдутааҕы «Деталька-2024» улахан күрэхтэһиигэ 4 № «Чэчир» оҕо уһуйаанын хамаандата «Лучшее инженерное решение», «Сардаана» оҕо уһуйаанын хамаандата «Лучшее конструктивное решение» номинацияларга 2 миэстэни ылары ситиспиттэр. Үөрүүлээх сонуну Нам улуустааҕы үөрэх управлениетыттан иһитиннэрдилэр. Кинилэр оҕо уһуйааннарын эдэр инженердэрин, салайааччыларын дьоһун кыайыыларынан эҕэрдэлииллэр уонна айымньылаах үлэни баҕараллар!
Касьян Олесов-Олук