Бүгүн Билии күнүгэр Нам улууһун Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолата аанын тэлэччи аста.
— 2023 сылга улуустааҕы үөрэх управлениетын экспертнэй сэбиэтигэр оскуолабыт 5 сыллаах үөрэҕин программатын ситиһиилээхтик көмүскээбиппит. Ол чэрчитинэн, «Python» программирование, 2D мультипликация, 3D моделирование, графическай уонна архитектурнай дизайн, компьютернай графика, роботехника уо.д.а. хайысхаларынан үлэлэһэбит, улууска бастакынан инженернэй оскуола буоларга дьулуһабыт.
Биһиги «Үөрэхтээһин» федеральнай национальнай бырайыак чэрчитинэн «Цифровая образовательная среда» эйгэни тэрийиигэ аналлаах оборудованиены тутан олоробут: 16 ноутбугу, 2 интерактивнай панелы, 2 видеокамераны, 1 элбэх функциялаах устройствоны. Итинник хааччыллыы үөрэнээччилэрбитин инженернэй-техническэй хайысхаларга үөрэтэргэ, сайыннарарга төһүү күүһүнэн буолар, — диэтэ оскуола дириэктэрэ Александр Дмитриев, Билии күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ. Итини сэргэ бу дьоҕус оскуола (малокомплектнай) инники өттүгэр «Точка Роста» киирэргэ үлэлэһэр.
Сардаана Еремеева, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы, оскуола үөрэнээччилэрэ ааспыт үөрэх сылыгар «Инникигэ хардыы» НПК, сирэй уонна кэтэхтэн куонкурустарга, ол иһигэр Москва куоракка тиийэ, ситиһиилээхтик кыттыбыттарын сырдатта, барыларын бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ.
Саҥа үөрэх дьыла аһыллар ураты күн ыалдьыттара ис дууһаларыттан сырдаан, үүнэр-сайдар суолу тутуһар кырдьаҕас үөрэх кыһатын педагогическай коллективыгар, бэтэрээн учууталларга айымньылаах үлэни, үөрэнээччилэргэ чаҕылхай ситиһиилэри, төрөппүттэргэ ситимнээх үлэни баҕардылар. Оскуола боруогун саҥа атыллаабыт 1 кылаас үөрэнээччилэригэр уонна оскуола салалтатыгар сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Билигин да улууспут биир кырдьаҕас үөрэҕин кыһата 1956 с. тутуллубут эргэрбит дьиэҕэ үлэлиир. Оскуола педколлектива, үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ ирдэбилгэ толору эппиэттир саҥа оскуола тутулларын эрэнэ кэтэһэллэр, күүтэллэр.
Бу ураты кэрэ күҥҥэ кырдьаҕас оскуола барыларын үөрэ көрүстэ. Билии бырааһынньыгын линейката истиҥ иһирэх эйгэҕэ буолан ааста.
Касьян Олесов-Олук