«Кытыл» түөлбэ оҕолоругар үөрүүлээх күн

Бүгүн, анаабыт курдук сайыҥҥылыы куйаас күн, Хамаҕатта нэһилиэгэр «Кытыл» түөлбэҕэ оҕо былаһааккатын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыга Евгений Ушницкай кэлэн эҕэрдэлээтэ, үлэ хайдах саҕаламмытын, олус түргэнник харчы хомуллан, предприниматель Егор Трапезников, Валентин Абрамов салайааччылаах МАУ ылсыспыттарын, үлэ тэтимнээхтик барарыгар түөлбэ олохтоохторо олус көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтээн эттэ уонна М.И. Жирков пааматынньыга сөргүтүллэн сквер буолуоҕа диэн өссө биир үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.

Түөлбэ начальнига Марфа Харитонова Саха сиригэр Оҕо сылын чэрчитинэн оҕолорго бэртээхэй бэлэх оҥоһуллубутунан эҕэрдэлээтэ, субуотунньукка үлэлээбит оҕолору, кыайыылаах футболист уолаттары инники өттүгэр эмиэ көхтөөх буолалларыгар ыҥырда уонна кинилэргэ бэлэх туттаран махтанна. Түөлбэ кырдьаҕас олохтооҕо Ольга Новгородова футболистары бэйэтэ үүннэрбит дьэдьэнинэн күндүлээтэ. Кыһыл лиэнтэни начальник Марфа Николаевна уонна бастыҥ үҥкүүһүт кыыс Саина Васильева быстылар. Түөлбэ ийэлэрэ, эбэлэрэ оҕолорго, ыалдьыттарга минньигэс астаах остуол тардан, Лена Барашкова торт астаан маанылаатылар. Ол кэнниттэн оҕо-уруу оонньууну өрө туттулар. Оҕо бырааһынньыгын түөлбэ олохтооҕо, «Түһүлгэ» норуот айымньытын кииниттэн Татьяна Гаврильева салайан ыытта.

Оҕо эрэ оонньуох-көрүлүөх араас өҥнөөх шардарынан тула киэргэтиллибит саҥа былаһаакка ыраахтан ала бэлиэтик көстөн ыҥыра-угуйа турда.

Мария Винокурова

Читайте дальше