Бүгүн Арассыыйаҕа Бэтэринээр күнэ бэлиэтэнэр. Онно даҕатан, Хамаҕаттаҕа «Ленин» холкуоска өр сылларга бэтэринээринэн бэриниилээхтик үлэлээбит Федора Григорьевна Аргунова туһунан санаан ааһыахха.
Норуокка ахтылларынан кинини бэтэринээр Сөдүөччүйэ диэн ааттыыллара. Кини Салбаҥтан төрүттээх, ийэтэ Охлопкова Варвара Никитична, аҕата Аргунов Григорий Николаевич иккиэн Салбаҥ төрүт олохтоохторо. Бу ыал аҕыс оҕолоруттан Сөдүөччүйэ алтыс оҕонон 1920 с. төрөөбүт.
Бэтэринээр буолан баран Кириэс Кытылга олорбута. Кириэс Кытыллааҕы 3 N-дээх биригээдэҕэ сааһын тухары бэтэринээрдээбитэ, хаһаайыстыба сүөһүтэ-аһа туруктаах буоларыгар кыһамньылаахтык үлэлээбитин дьон-сэргэ кэпсиирэ. Кыра уҥуохтаах да буоллар, сыыдамнык сылдьар, сүөһүнү, ньирэйи көрөр-эмтиир баар суох үлэһит этэ диэн ахталлар. Сайын Убаһа моҥнубут, Бардыалаах сайылыктарынан тэлиэгэлээх атынан сылдьара, борооскулары аттыыра.
Федора Григорьевна сэрии кэмигэр тыылга үлэтэ 1947 сыл тохсунньу 16 күнүгэр «1941-1945сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн сыаналаммыта.
Мария Винокурова