Модут нэһилиэгэр СӨ физическай култуураҕа уонна спорка туйгуна, спорт ветерана Ефим Гоголев кэриэһигэр кулун тутар 9 күнүгэр хапсаҕай ыытылынна.
Модут баһылыга Ефим Гоголев аҕатын кэриэһигэр ыытыллар күрэхтэһииттэн элбэх спортсмен улахан ситиһиилэри ыларын бэлиэтиир уонна бу хапсаҕай көбүөрүттэн буолаары турар “Эҥсиэли хапсаҕайыгар” Нам аатыттан киирэллэрин этэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Модут нэһилиэгиттэн төрүттээх Ефим Гоголев, Егор Алексеев, Ион Васильев, Вадим Семенов, Владислав Попов уо.д. а. спортсменнар Нам улууһун өрөспүүбүлүкэҕэ ааттаталлар.
Эр дьоҥҥо көбүөр бастыҥнарынан 57 кг – 16 миэстэ, 65 кг – 7 м, 75 кг – 4 м, 85 кг – 10 м, 95 кг – 9 м, 95 кг үөһэ – 1 м; ветераннарга 60 кг – 1 миэстэ, 70 кг – 1 м, 80 кг – 3 м, 90 кг – 1 м, 90 кг үөһэ – 1 м. Ленскэй нэһилиэк бөҕөстөрө (54 очко) ааттанылар. Иккис миэстэҕэ 57 кг – 11 миэстэ, 65 кг – 2 м, 75 кг – 5 м, 85 кг – 4 м, 95 кг – 1 м, 95 кг үөһэ – 12 м; ветераннарга 60 кг – 4 миэстэ, 70 кг – 6 м, 80 кг – 2 м, 90 кг – 4 м, 90 кг үөһэ – 6 м. 2 Хомустаах нэһилиэгэ (57 очко) таҕыста. Үһүс миэстэни 57 кг – 3 миэстэ, 65 кг – 8 м, 75 кг – 12 м, 85 кг – 8 м, 95 кг – 3 м, 95 кг үөһэ – 8 м; ветераннарга 60 кг – 2 миэстэ, 70 кг – 3 м, 80 кг – 4 м, 90 кг – 5 м, 90 кг үөһэ – 5 м. 1 Хомустаах (61 очко) ылла.
Нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай спартакиада хапсаҕайын II-с түһүмэҕэр Нам сэлиэнньэтиттэн, 2 Хомустаахтан, 1 Хомустаахтан, Хамаҕаттаттан, Хатыҥ Арыыттан, Модуттан, Хатырыктан, Көбөкөнтөн, Намнааҕы педколледжтан, Бөтүҥтэн, Партизантан, Салбаҥтан, Таастаахтан, Никольскайтан, Намнааҕы техникумтан 130-ча кэриҥэ эр дьон көрсүбүтэ.
Көрөөччү 95 кг ыйааһыннаах бөҕөстөр хапсыһыыларын хойукка диэри умнубата буолуо. Ол курдук, Хамаҕатта бөҕөһө Вячеслав Бережнев бэйэ туругун көтөҕөн утарылаһааччыларыгар сөптөөх киирсиилэри оҥорбута. Нам улууһугар даҕаны “ох саанан” ытар, ыалдьааччыларга, хапсаҕай фанаттарыгар үөрүүнү бэлэхтиир бөҕөс баар эбитин Вячеславка көрөбүт.
“Модут нэһилиэгэр Ефим Гоголев кэриэһигэр хапсаҕай 16-с төгүлүн ыытыллар. Дьон дьарыктанар, күрэхтэһиини күүтэр буолла. Сайын комплекснай спартакиада быһаарыылаах III-с түһүмэҕин кэнниттэн, көрүҥнэрбитигэр “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнэр суолталаах сбордар, дьарыктар саҕаланыахтара. Спортсменнарга дьаныардаах дьарыгы, спорт эйгэтигэр үлэлээччилэргэ күүстээх үлэни”, – диир улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта Павел Иванов.
Харысхан Попов