Ленскэй нэһилиэк уонна Бэрдьигэстээх доҕордуу сыһыаннара күүһүрэр

Нам улууһун киинэ ыаллыы сытар Горнай улууһугар ыалдьыттаата. Нэһилиэнньэ олоҕо тупсарын туһугар үлэлиир тэрилтэлэр соруктарыгар баар хайысхаларга үлэ хайдах быһыылаахтык ыытылларын ырытыы, сүбэлэһии, аһаҕастык этии киирэллэр.

Кэнники сылларга нэһилиэктэр  доҕордуу сыһыаннара күүһүрдэ. Түмүктээх үлэ суолталаах сирэй көрсүһүүлэртэн, кэпсэтиилэртэн тахсарын Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников бигэргэтэр.

Бэрдьигэстээх федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах программалары көдьүүстээхтик туһанар нэһилиэгинэн биллэр. Петр Сокольников баһылыктаах олохтоох дьаһалта миэстэтигэр тиийэн, икки өттүттэн иҥэн-тоҥон ыйыталаһан, үлэ хаамыыта хайдах барарын билистэ. Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата иллэрээ сыл Чурапчыга, Горнайга, Хаҥаласка сылдьыбытын бэлиэтиибит. Быйыл дьаһалта Уус Алдаҥҥа айанныырын, онтон Мэҥэ Хаҥаласка барарын торумнуур.

“Кэлии-барыы киһиэхэ элбэҕи биэрэр, элбэххэ үөрэнэҕин. Холобура, ханнык үлэ суолугар бытаараары гыммыппытын чахчы билэбит уонна онно болҕомтобутун ууран күүһүрдэр миэрэлэри ылынабыт”, – диир баһылык Петр Григорьевич.

Бэрдьигэстээх олохтоох дьаһалтата Нам делегациятын саха сиэринэн көрсөн, объектарынан, киэн туттар сирдэринэн сырытыннарбыт. Специалистар бэйэлэрин эйгэлэригэр ырытыы оҥорбуттар, биир тыл булбуттар.

Нам сэлиэнньэтигэр бүгүҥҥү күҥҥэ 15 түөлбэ баар.  Түөлбэлэр тугу гыннахха толору хамсыахтарай, үлэлиэхтэрэй диэн толкуйдары көрдөөччү, тобулааччы үгүс буолуохтаах. Ол эрээри, аҕаһастык билиннэххэ, элбэх киһилээх нэһилиэк хамсыыра бытаан, айгы. Бэрдьигэстээхтэртэн Нам сэлиэнньэтин “Север” түөлбэ салайааччыта Колодезникова Александра Иннокентьевна уонна “Көччү” түөлбэ салайааччыта Румянцева Сардаана Николаевна түөлбэлэри сайыннарарга өрөспүүбүлүкэ, федеральнай программаларга хайысханы сөпкө талан кыттыы өрүттэригэр сүбэ ылбыттар.

 

“Бэрдьигэстээх баһылыга Аргунов Алексей Григорьевичтыын бэйэбит үлэбитин кэпсэттибит. Олохтоох дьаһалтаҕа 2006 сыллаахтан араас дуоһунастарга үлэлээн кэлбит Алексей Григорьевичтан киһи бэйэтигэр оруннааҕы иҥэринэр баһылыга. Биир бэйэм хас биирдии кэпсэтэр дуоһунастаахтан, үлэһиттэн үөрэнэбин. Киһи бэйэтин үлэтигэр көрсөр, үөскүүр итэҕэстэрин, быһаҕастарын көнөтүнэн этиниэхтээх, билиниэхтээх.

Бэрдьигэстээххэ биһигиннээҕэр кытаанах усулуобуйаҕа олороллор. Холобура, кинилэр хааччыллыы (благоустройство) өттүнэн, оттон биһиги тупсарыы өттүгэр федеральнай программаларга уустуктары көрсөбүт”, – диир Петр Григорьевич.

Олохтоох дьаһалта Бэрдьигэстээххэ айантан туох санаалаах кэллэй? Кинилэргэ тыа сиригэр куораттыҥы эйгэ программата күүскэ барбыта тута харахха быраҕыллар эбит. Сквердэр, былаһааккалар, болуоссаттар оҥоһулланнар нэһилиэги тупсарбыттара этиллэр. Манна быһаарар оруолу куоластааһын күүс уурдаҕа. Сотору кэминэн намнар эмиэ куоластааһыҥҥа бары биир киһи курдук туруннахпытына, тапталлаах Наммытыгар тупсарыы үлэлэрэ ыытыллыахтара.

Кыайыы уола Харысхан

Читайте дальше