В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицей ,,Лингва» лааҕыра 30 сыллаах үбүлүөйүнэн ыҥырыылаах ыалдьыттары, ытык-мааны ветераннары, лааҕыры тэрийсибиттэри, араас сылларга үлэлээбиттэри, сынньаммыт оҕолору бэс ыйын 27 күнүгэр мунньан үөрүүлээх тэрээһини ыытта.
Лицей директора Юрчана Юрьевна Парникова бырааһынньыгы арыйда, лааҕыр историятыттан билиһиннэрдэ:
,,Барыгытын “Лингва” норуоттар икки ардыларынааҕы алтыһыы киинин — тапталлаах лааҕырбыт 30 сыллаах үлэтин бэлиэтиир дьоро күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
“Лингва” сайыҥҥы лааҕырбыт 1994 с. аан бастаан үлэтин оскуола баазатыгар саҕалаабыта. Онно француз тыл олимпиадатын кыайыылаахтара, призердара кэлэн үөрэммиттэрэ, сынньаммыттара.
Онтон 1995 с. улуус баһылыга Дмитрий Федотович Алексеев өйөбүлүнэн, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Николай Дмитриевич Захаров, Нам улууһун үөрэҕин управлениетын начальнига Надежда Гаврильевна Дьячковская быһаччы кыттыыларынан, лицейбит директора Василий Иннокентьевич Эверстов салалтатынан бу кэрэ айылҕалаах сиргэ “Лингва” лааҕыр баазата тутуллубута.
“Лингва” омук тылын дириҥэтэн үөрэтэр киин быһыытынан үлэлээбитэ.
Бастакы президенинэн үлэтигэр бэриниилээх, уһулуччу эппиэтинэстээх француз тылын учуутала Валентина Семеновна Ядрихинская үлэлээбитэ. Онтон Надежда Николаевна Макарова, Елизавета Иннокентьевна Аммосова, Ольга Дмитриевна Новгородова уопсайа 16 киһи ситиһиилээхтик салайбыттара.
Кэнники 10 сылга ,,Лингва» оҕону сайыннарар араас хайысхалаах киин быһыытынан үлэлиир. Метод холбоһуктарынан тыырыллан гуманитарнай, естественнэй-научнай, техническэй, эбии үөрэхтээһин хайысхалардаах проектнай үлэҕэ тирэҕирэн оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын сыл аайы ситиһиилээхтик тэрийэн кэллэ.
Бу лааҕырга оҕо-аймах сынньанан, үгүс билиини, уопуту ылан, эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын улаатан, бэйэ-бэйэни кытта бодоруһан, сорохтор олохторун тухары доҕотторун булан, ,,Лингва» дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиир, дьол уйата буолар.
Саха-француз лицей коллективын, администрациятын аатыттан бука барыгытыгар тапталлаах лааҕырбыт ,,Лингва» 30 сыллаах үбүлүөйүнэн итии-истиҥ төлөннөөх эҕэрдэ уонна ,,Лингва» үлэтин тэрийбит, кини сайдыытыгар күүс-көмө буолбут дьоммутугар-сэргэбитигэр барҕа махталбытын этэбит. Лааҕырбыт өссө да уһун сылларга үгүс оҕону иитэн-үөрэтэн, үүнэ-сайда турдун!»
Дьоһун үбүлүөйдээх күн Ил Түмэнтэн Анна Николаевна Атласова, тас дойдулары кытта сибээс министерствотын общественнай сэбиэтиттэн Анастасия Николаевна Божедонова, республикаҕа оҕо сынньалаҥын тэрийии кииниттэн Светлана Пантелеймоновна Васильева, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Мария Семеновна Игнатьева, нэһилиэк баһылыга Евгений Сергеевич Ушницкай күндү ыалдьыт буолан эҕэрдэ, үтүө баҕа санаа тылларын, үрдүк сыанабылларын анаатылар.
Франкофония уонна Африка дойдуларын кытта бииргэ үлэлэһэр Киинтэн Изабелла Захаровна Борисова Камерунтан кэлбит ыалдьыты сырытыннарда.
Лааҕыр биир сүрүн уратытынан омук преподавателлэрин кытта алтыһыы буолар. Уопсайа лааҕырга 38 омук преподавателэ Францияттан, Бельгияттан, Мароккоттан кэлэн үлэлээн ааспыттара.
Бу 30 сыл устата лааҕырга 2000 кэриҥэ оҕо сынньанан үүнэн-сайдан кэллэ. Оҕо туһугар 500-чэкэ киһи үлэлээн ааспытын, улууска саамай уһуннук үлэлии турар хонуктаах лааҕыр буоларын бэлиэтээн эттилэр.
Мария Винокурова