Нам сэлиэнньэтигэр СССР доруобуйатын харыстабылын туйгуна Матрена Иннокентьевна, РФ үтүөлээх землеустроителэ Алексей Иванович Поповтарга анаан, Чернышевскай аат. уул. 30 №-дээх олорбут дьиэлэригэр мемориальнай тааһы иилии үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Дьоҥҥо-сэргэҕэ бастыҥ ыал олорбутун кэпсиир тааһы Матрена Иннокентьевна, Алексей Иванович оҕолоро, ыччаттара туруордулар. Ол курдук, бу элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар буоларыгар Алексей Попов быһаччы кыттыгастааҕын уола Иван Алексеевич этэр.
Тыл этээччилэр Поповтар курдук бастыҥ ыал республикаҕа ахсааннаахтарын бэлиэтииллэр. Холобура, Намнааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев иһитиннэрбитинэн, коллективка Матрена Иннокентьевна туһунан үтүө, истиҥ санаалар хаалбыттар. “Наставникпыт, сүбэһиппит үлэбитигэр төһүү күүс, куруук көмө буолара, олус аһаҕас киһи этэ”, – диэн Алексей Иванович бииргэ үлэлээбиттэрэ ахтан-санаан аастылар.
Бу дьиэҕэ олорон ааспыт үгүс салайааччылар кырдьыга даҕаны, Нам улууһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ, үтүөнү оҥорбуттара. Кинилэр ааттара-суоллара номнуо, түөрт этээстээх дьиэҕэ мемориальнай таас бэлиэлэргэ кубулуйан кэпсии-ипсии тураллар. Даҕатан эттэххэ, республика салалтатыгар үлэлээбит, үрдүк сололоох Егор Ларионов улууска үлэлиир сылларыгар эмиэ манна олорбутун бэлиэтиибит.
“Чернышевскай аат. уул. 30 №-дээх дьиэ түөрт сыл тутуллан 1973 сыллаахха киирбитэ. Аҕам Алексей Попов аҕыйах хонуктааҕыта 100 сааһын бэлиэтээбиппит. Бүгүн кинилэр оҕолоро ийэлээх аҕабыт “бу дьиэҕэ олорбуттара” диэн өйдөбүнньүк мемориальнай дуоска ииллибит. Ону тэҥэ, урут мэлдьи тахсан сынньанар сирбитигэр, мемориальнай дуоскалар аттыларыгар, “эко” ыскамыайка туруордубут”, – диир уола Иван Алексеевич.
Харысхан Попов