Бэҕэһээ Хамаҕаттаҕа бэрт улахан ыалдьыттардаах дьоһун тэрээһин буолан ааста. Ону туоһулуур биллиилээх общественнай, политическай деятель Егор Михайлович Ларионов “Олох кырдьыга” кинигэтин иккис томун биһирэмиттэн санаалар, сыанабыллар.
Алексей Еремеев, СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын председателэ:
— Парламеҥҥа саамай кимиилээхтик үлэлээбит, республика суверенитетын, сокуоннарын оҥорсубут биир дойдулааҕым, улахан убайбыт Егор Ларионов буолар.
Владимир Прокопьев, СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын бэйэни салайыныы сис комитетын председателэ:
— Егор Ларионов 90-с сылларга, уустук кэмҥэ, кылаата олус улахан. Республика салайааччыларын сырдаппыт. Олус наадалаах, туһалаах кинигэ. Политикаҕа киирэн эрэр эдэр дьоҥҥо туһалыа.
Георгий Артемьев, СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын хас да төгүллээх депутата:
— Олохпут суола тэҥҥэ ааспыта. Мин Тааттаҕа, кини Сунтаарга үлэлээн саҕалаабыппыт, Ил Түмэнинэн түмүктээбиппит. Икки улуус чулуу уолаттарын Аммосов, Ойуунускай саха норуотугар үтүөлэрин үйэтитэн Нам-Таатта доҕордоһуутун олохтообуппут, ону билигин сөргүтэргит буоллар. Егор Михайлович сэбиэскэй кэми хоруотаабат, партиятыгар, бэйэтин принцибигэр бэриниилээх. Кини норуот киһитэ.
Михаил Гуляев, СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын хас да төгүллээх депутата:
— Кинигэ Ил Түмэн 30 сылыгар сөп түбэһэн таҕыста, Ил Түмэн үлэтин сырдатар, аптарытыатын норуокка таһаарыа, үйэлэргэ туһалыа. Ил Түмэҥҥэ үлэлээн олох академиятын ааспытым. Махтанабын Егор Ларионовка, Нам улууһугар, кини улуу дьонугар.
Андрей Находкин, СӨ Ил Түмэн государственнай мунньаҕын сиргэ уонна экологияҕа сис комитетын председателэ:
— Егор Михайлович Ил Түмэн акылаатын уурсубута. Бастакы аата бастакы. Эдэр салайааччылар кини оскуолатын ааһабыт.
Борис Павлов, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта:
— Егор Михайлович кинигэлэрэ мемуарнай литератураҕа киирсэр. Кини история кырдьыгын, бэйэтин буолбакка, дьонун-сэргэтин суруйарынан уратылаах. Бу феноменальнай, титаническай үлэ.
Александр Ядреев, Нам улууһун баһылыгынан үлэлээбит:
— Тааттаҕа Георгий Михайлович Артемьев, Наммар Егор Михайлович Ларионов сабыдыалларынан парламентаризм, депутатство оскуолатын ааспытым, элбэҕи ылбытым.
Евгений Ушницкай, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга:
— Егор Михайлович: “Эрэл кыыма икки атахтаах баарын тухары өлөн-охтон биэриэ суоҕа, олорон ааспыт олохпутун, киһи-аймах историятын хара кыраасканан сото сатаабыттарын да иһин, илин саҕах сырдаан сири-уоту сылытан кэлэрин кэтэһэрбит кэмнээх буолуо дуо?” — диэн метафорическайдык ханалытан этиитэ сөхтөрөр, инникигэ кынаттыыр.
Мария Винокурова