Былыыр-былыргыттан сахалар араас иччини, түүлү, ойууну, удаҕаны олус итэҕэйэллэрэ. Өргө диэри киһиттэн киһиэхэ бэриллэн, кэпсээн, номох буолара. «Көр, былыр ол ойуун инньэ диэн көрүүлэммитэ үһү», эбэтэр «ол киһи ол курдук түһээбитэ үһү ээ, ол илэ кэллэ» дииллэрин оҕо эрдэхпинэ элбэхтик истэрим.
Сахалар тыйыс айылҕалаахпытынан күнү-дьылы, олоҕу өтө көрө, билгэлии сатыыллара, ол түмүгэр, билгэлээн түһээн уо.д.а. сылыктааһын ордук сайдыбыт. Итинэн сиэттэрэн, мин тугу түһээбиппин ааҕааччыларбар билиһиннэриэхпин баҕарбытым ыраатта да, баҕар, сыыһа буолуо эҥин диэн кэтэмэҕэйдээн, сорох сымыйаргыа диэн сылдьыбыппын суруйарга быһаарынным.
- Ирак сэриитин иннинэ, 1991 сыллаахха түһээн, дьоппуоннары кытта сэриилэһэн эрэбит, биһиги уончабыт эрэ, кинилэр элбэх баҕайылар, «банзай» диэн хаһыытаан, саба сырсан кэллилэр. Мин ытыах курдук гынан иһэн, син биир кыайтардыбыт диэн утарыласпатым. Саныыбын: урут дьоппуон сэриитигэр биһиги кэбирэхтик да кыайбыппыт ээ, аны биһигини тулуппат буолбуттар.
Иккис түүлбэр дьоппуоннары кытта эн-мин дэһэн, эйэлээх баҕайытык үлэлии сылдьабыт. Ааспыт сайын улахан уот барыан иннинэ түһээтэхпинэ, сэрии буолла дии-дии оҕо-дьахтар айманыы бөҕө. Ону мин «ол иһин сэрии буолуо диэн түһээбитим ээ» диэн киһиргиибин.
Тойоннооһуна: Ирак сэриитэ биһиэхэ туох сыһыаннааҕый (туоруур), уот барыыта эмиэ (саарбах), атын омуктар, карабахтар сэриилэрэ эҥин эмиэ (саарбах). Оччоҕо тугуй? Сойуус эстиитэ дуо? (саарбах).
- Б. Ельцин президент буоларыгар Компартия генсекретара буолбут диэн кэпсэтэллэрин иһиттим, «партията суох ээ уонна хайдах секретарь буоларый?» диибин. Ону биир билээччи «аны демократия ээ, онон кими баҕарар быыбардыахтарын сөп» диир (түүлүм ити). Онтукам киһим партияны ыһан таһаарда. Ханарытар түүл диэн тойоннуубун.
- Ааспыт сайын түһээтэхпинэ: Горбачев итирэн баран дьиэтигэр баппакка кэлгиллибит диэн дьон кэпсэтэрин истэбин. Тойоннооһуна: партияны ыспытын иһин сууттанара дуу диэбитим илик дии.
- Күһүн, алтынньы ортотун саҕана, үүтээҥҥэ сытан түһээтэхпинэ: В.И. Ленин кэлбит, миигин кытта илии тутуһан дорооболосто. «Быыбары ыыта кэллим, төһө быыбардааччы баарый?» диэн миигиттэн ыйытар.
Иккис түүл: сотору эмиэ быыбар буолар диэн биһигини ыҥырбыттар, киэҥ баҕайы дьиэҕэ киирбиппит. Р. Хасбулатов соҕотоҕун олорон, аһаан бүтэн тахсан барда. Биһигини остуолга олортулар. «Кимнээҕи быыбардыыргытын билэҕит дуо? Мин биир-биир ыйытыам» диир биир дьахтар. Мин ыксаатым, урут ким да үөрэппэтэҕэ, тугу да билбэппин дии саныыбын. Уонча киһини испииһэктии сылдьар, онтон биири эрэ өйдөөн хааллым: оборона министрэ эдэр киһи, ол гынан баран, тугу да үлэлээбэтэ, ол оннугар атын киһини быыбардыыбыт диир.
Ол икки ардыгар Б. Ельцин киирэн ааҥҥа турар. Мин президент буоларыгар киниэхэ куоласпын биэрбитим, онон аны дорооболоспото диэҕэ диэн дорооболоһобун. Дьэ, дьиибэ түүллэр. Туох эрэ улахан уларыйыылар буолаары гыннылар дуу дии саныыбын.
Эһиги, баҕар, барыта буолбутун эбэтэр буолаары гыммытын кэннэ, билэ сылдьан түһээбитэ буолар диэххит. Бу күһүн үүтээнтэн кэлээт, сэбиэттэртэн ыйыппытым: «Туох эрэ быыбар буолар дуо? Мин ол курдук түһээтим ээ. Ленины, Хасбулатовы көрдүм диэбиппэр күлсүбүттэрэ, оҕонньор түөһэйбит эбэтэр ойуумсуйар диэбиттэрэ дуу?
Мин уруккуттан ону-маны, чугаһы түһээччибин, бултуурбун, киһи өлөрүн, арыт, куруук буолбатах. Биирдэ күтүөтүм ууга түһэн өлөрүн үс сыл иннинэ түһээн билбитим, күтүөппэр сэрэнэ сылдьарыгар эппитим.
Сэбиэскэй идеология саҕана ким да итэҕэйбэт, сиилиир, күлүү-элэк гынар этилэр. Оннооҕор эмээхсиним итэҕэйбэт этэ, «куруук ойуумсуйан хаалаҕын» диирэ. Өлөрүн саҕана сөпкө түһүүрбүн билэн, дьэ, сэҥээрэр буолбута.
Эһиги эмиэ сэҥээрэн, бэчээккэ таһаарар буоллаххытына, өссө арааһы: кэритии абааһытын, былыргы ойууннар эҥин туһунан суруйуом. Былырыын «Сахаадаҕа» уонна «Саха сирэ» хаһыаттарга суруйбутум ууга тааһы бырахпыттыы мэлийдэ.
Урут политиканы улаханнык сэҥээрбэт этим. Сэбиэскэй Сойууһу хаһан да эстибэт, өссө аан дойдуну баһылыыр былаас дии саныырым. Билигин бу күн-түүн ыарыы турар, иэмэ-дьаама биллибэт, хайа диэки баран иһэрбит биллибэт олоҕу «куруук бу курдук хайдах олоруохпутуй, хаһан эрэ туох эрэ буолара буолуо» диэн муучу буолабын. Ол иһин политиканы түһүүбүн дии саныыбын.
Петр КОЛЕСОВ,
сэрии II гр. инбэлиитэ, үлэ бэтэрээнэ, Салбаҥ
«Эҥсиэли», 1993 с., тохсунньу 23 к.