Мини-футболга күүстээх оонньуулаах хамаандалар көрүстүлэр

Нам улуугар, И. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж спортивнай площадкатыгар, мини-футболга бастыҥнары быһаарыстылар.

Бириистээх миэстэлэргэ Намҥа урукку сыллартан күүстээх оонньуулаахтарынан ааттанар уонна биллэр хомустаахтар, хамаҕатталар, намнар тахсыбыттар: үһүс – Бастакы Хомустаах, иккис – Хамаҕатта уонна кыайыылааҕынан Ленскэй нэһилиэк ааттаммыт. Анал ааттар: “Лучший игрок” – Ариан Сокольников (Нам), “Лучший бомбардир” – Решетников Валера (Намнааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуола), “Перспективный игрок” – Губскай Юра (Нам), “Лучший вратарь” – Алексей Парников (Хамаҕатта), “Лучший защитник” – Альберт Орлов (Бастакы Хомустаах).

Тыҥааһыннаах оонньуулар финал аҥаарыттан саҕаламмыттарын сүрүн судьуйа Борис Романов этэр. Холобура, Хамаҕатта хамаандата олус үчүгэй түгэннэри куоттарбыта этиллэр. “Намнааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуола “Түмсүү” хамаандата эр дьону кытта бэртээхэй оонньууну көрдөрдө!  Астына этиэххэ сөп, олох үчүгэйдик оонньоотулар. “Түмсүү” футболистара хас биирдии хамаандаҕа “бой” биэрдилэр. Кинилэр үһүс миэстэҕэ тахсар иһин, улууспут биир күүстээх хамаандатыгар (Бастакы Хомустаах) 5-7 очукуонан сабырыйтардылар”, – диир улуустааҕы спорт управлениетын специалиһа Борис Романов.

Егор Протопопов, тэрийээччи:

Наммыт улууһугар бүгүн спорт бырааһынньыга буолла. Ол курдук, “NAM fest” фестиваль чэрчитинэн, чөл олоҕу өрө тутан улууспутугар мини-футболга аһаҕас турнир ыытылынна. Педагогическай колледж үлэһитигэр Эверстов Юрий Афанасьевичка махтанабыт!

Ленскэй нэһилиэк, Хамаҕатта, “Бөрөлөр”, Бастакы Хомустаах, “Хотой”, “Түмсүү” хамаандалара бастыыр иһин оонньоотулар. Бүгүн улууспут араас саастаах футболистара умнуллубат сытыы киирсиилэри бэлэхтээтилэр.

Харысхан Попов

Читайте дальше