Модукка халаан уутун содулун туоратыыга үлэ саҕаланна

Нам улууһун Модут нэһилиэгэр халаан уута түһэр. Намыһах сирдэргэ баар дьиэлэр ууттан босхоломмуттар эрээри муосталарын анныгар, тэлгэһэлэригэр билигин да уу халыйан сытар.

-Ыам ыйын 20 күнүнээҕи туругунан нэһилиэкпитигэр 161 тиэргэн, ол иһигэр 95 дьиэ ууга барда, ордук улаханнык 16 дьиэ эмсэҕэлээтэ диэн ааҕабыт, хаартысканан, видеонан туоһулуур докумуоннар хомуллаллар, сылгы, сүөһү ууга былдьаныытыгар, уопсай хоромньуну ааҕыыга, түмүүгэ үлэ барар, түргэнник үмүрүтүөхпүтүн наада. Нэһилиэкпит иһигэр уу кутан, суоллары быһан, намыһах сирдэри толорон турар. Тиэргэннэртэн, дьиэлэртэн ууну оботторууга, суоллары чөлүгэр түһэриигэ, халаан содулун туоратыыга үлэ саҕаланна, – диир нэһилиэк баһылыга Ефим Гоголев уонна гуманитарнай көмө кэлэ турарын, онно Намтан, куораттан элбэх тэрилтэ, атын сиргэ олорор биир дойдулаахтара, үтүө санаалаах дьон көмөлөһөллөрүн этэр.

Ефим Ефимович ыксаллаах ыарахан кэмнэргэ көмө-тирэх буолбуттарын иһин улуус дьаһалтатын салалтатыгар, үлэһиттэригэр, тэрилтэлэр салайааччыларыгар, нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр махтанар. Бары бииргэ түмсэн дьаныардаахтык үлэлээбиттэрин, нэһилиэгин олохтоохторо бөҕөх санаалаахтарын бэлиэтиир.

М. Аммосов аатынан киин уулуссаны халаан уута икки сиринэн быһа охсубутун чөлүгэр түһэрэр, үрдэтэр суол өрөмүөнүгэр Дьокуускай куорат «Якутдорстрой» АО-тан 10 улахан уйуктаах массыына, 1 погрузчик, Намтан «Намстрой» СМУ ХЭТ 1 погрузчига үлэлиир. Асфальт бүрүөһүннээх өрөспүүбүлүкэ трассатыгар тахсарга тиэрдэр соҕотох хаалбыт киин суол өрөмүөнүн түмүктүүллэрэ чугаһаабыт, атыттары халаан уута ылбыт, хайыта сүүрбүт. Халаан уутун содулун туоратыыга үлэлэһэр дьону барыларын бэтэрээннэр балаҕаннарыгар итии аһылыгынан хааччыйбыттар. Билигин уу таһыма түһэн дьон-сэргэ дьиэтин сааһыланар, хомунар.

Модукка үгүс көмөнү оҥороллор

Саргылана Ядрихинская-Попова, быстах кэмҥэ дьон олорор пуунун начальнига:

-Халаан уута бастакы кэлбит күнүгэр быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа уопсайа 117 киһи, ол иһиттэн 36 оҕо кэлэн хоммута. Тэлгэһэлэрэ, дьиэлэрэ ууга барбыт дьон ахсаана 159 киһи диэн испииһэктээхпит. Улуустан уонна Модуттан төрүттээх дьоммутуттан гуманитарнай көмө (ас-үөл, эмтэри, ууну ыраастыыр «Акватабс» о.д.а. туттар тэрил) тохтобула суох кэлэ турар.

Билигин уу таһыма түһэн быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа дьон суох. Бүгүн халаан содулун туоратыыга күүс-көмө буола сылдьар дьоммутун, суолу өрөмүөннүү сылдьар үлэһиттэри аһата сылдьабыт. Дьиэлэрэ ууга барбыт дьоммутугугар гуманитарнай көмөттөн бородуукта нобуордарын оҥорон уонна ыраас уу түҥэтэ олоробут, олбуордара ууна төгөрүтүллүбүт ыалга тиэрдэн биэрэбит. Кыра оҕолоохторго эбии хааһы, үүт, пүрүө уонна фрукталары эбэбит. Дьокуускайдааҕы килиэп комбинита килиэбинэн, бурдук аһынан улахан көмөнү оҥордулар. Улууспут, нэһилиэкпит дьаһалталарыгар, күүс-көмө буолбут биир дойдулаахтарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит, — диэн иһитиннэрдэ.

Быстах кэмҥэ дьону олохтуурга дьиҥинэн сынньалаҥ кииҥҥэ бэлэмнээбиттэр эбит, ол эрэн ыксаллаах быһыы-майгы буолан, уу тула киирэн КСК-ҕа көһөрбүттэр. ПВР-га миэстэтигэр Намнааҕы киин балыыһа суһал көмө биэлсэрэ Софрон Пахомов кэлэн дьон доруобуйатын туругун көрөр-истэр. Бүгүн 2 оҕону, 3 улахан киһини көрбүт. Эминэн-томунан хааччыллыбыттар.

Модукка үлэ күөстүү оргуйар

М. Аммосов уулуссаҕа олорор Александра Кутукова олбуоругар уу киирэн, дьиэтин ылан баран намыһах сир буолан олохсуйан хаалбыт. Маннык түгэҥҥэ үрдүкү салалталарыттан көҥүл ылбыт Григорий Осипов начальниктаах Модуттааҕы 10 сотрудниктаах МПЧ-6 личнэй састааба күүс-көмө буолар. Кинилэр мантан антах нэһилиэк дьаһалтатыгар киирэр сайаапкаларынан тиэргэннэртэн ууну бырахтарыахтара.

Александра Николаевна, Модут орто агрооскуолатын учуутала:

— Халаан уутуттан сэрэтии үлэтин эрдэ ыыппыттара. Ыам ыйын 18 күнүгэр сарсыарда уруокпар бэлэмнэнээри эрдэ туран, таһырдьа тахсан Эбэбэр бэлиэ аспытым, сэттэ чааска уу эбиллибит этэ. Ол кэнниттэн биллэ эбиллэн барбыта. Онон көрөммүн бэлэмнэнэн барбытым. Кыайар малбын-салбын үөһэ уура сатаабытым, чугастааҕы ыалларым уонна бииргэ үлэлиир коллективым кэлэннэр күүс-көмө буолбуттара. Киэһэ диэбиттэн тыынан устан тахсан Намҥа быстах кэмҥэ олордор пууҥҥа барбытым. Ыам ыйын 20 күнүгэр кэлэн дьиэбэр киирбитим халаан уута барытын урусхаллаабыт. Нэһилиэкпэр КСК-ҕа тэриллибит пууҥҥа кэллим. Олус үчүгэйдик тэрийбиттэр, миэстэтигэр биэлсэр баар, киниэхэ хаан баттааһынын кэмнэтэн хонтуруоллана сылдьабын, итии аһылыгынан хааччыйаллар. Олохтоох дьаһалтаҕа олбуорбуттан уу оботторорго сайаапка биэрбиппэр тутатына миэрэ ылан, олохтоох МПЧ үлэһиттэрэ кэлэннэр уу оботтордулар. Улууһум, нэһилиэгим салалтатыгар, бииргэ үлэлиир коллективпар, биир дойдулаахтарбар махталбын тиэрдэбин. Бэйэбит кыахпытын таһынан салалта өттүттэн көмө баар буолуо диэн эрэнэбин.

Халаан содулун туоратыыга нэһилиэк олохтоохторо, ыччата биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолаллар. Ол курдук, дьиэ иһигэр ыһыллыбыт миэбэли оннун булларыыга, уу буочукаларын, емкостарын булууга, оннуларыттан хамсаабыт хаһаайыстыбаннай тутуулары көннөрүүгэ, тиэргэнтэн, дьиэттэн уу хачайдыырга бары туруммуттар.

Касьян Олесов-Олук,

Семен Аргунов.

Читайте дальше