Бүгүн «Нам улууһа» МТ 2023 сыллааҕы үлэ түмүгүн билиһиннэрэр улуус баһылыгын э.т. Анатолий Павлов салайааччылаах 1-кы бөлөҕө, күн иккис аҥарыгар Модут нэһилиэнньэтигэр отчуоттаата. Итиэннэ, улуус депутаттарын сэбиэтин ааспыт сыллааҕы үлэлэрин Егор Охлопков сиһилии сырдатта.
Ыйытыыга, туруорсууга, этиигэ киириэх иннинэ Анатолий Иванович ааспыт сыллааҕы боротокуолга киирбит туруорсуулар төһөтө туолбутун, туолбатаҕын иһитиннэрдэ. Ол курдук, нэһилиэнньэ үгүс туоруорсуута 80%-на олоххо киирбитин бэлиэтээтилэр.
Боротуокаттан Эбэлэригэр уу бырахтарыытыгар урукку даамбаны сөргүтэн туһаналларыгар анаан анал объегы туталларыгар көмөлөһөллөрүгэр, быраас амбулаторията салгыы үлэлииригэр, оскуола лааҕырын сирин кэҥэтэри, саҥа олбуору оҥорору, ирдэбилгэ эппиэттиир тутууну, эдэр специалистарга дьиэ тутуутун, нэһилиэк аттынан ааһар өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах суолга сэрэхтээх буолууга анаан сырдатыы оҥоһулларын, МПЧ объегар өрөмүөн ыыталларын о.д.а. туруорустулар.
Нэһилиэк киэн туттар, история кэрэһитэ буолар үлэлэргэ, ол курдук Василий Осипов үтүө аатын үйэтитэр кинигэ, нэһилиэк туһунан кинигэ 2 чааһын бэчээттэтэргэ улуус кинигэ таһааттарар фондатыттан өйөбүл буолалларыгар санааларын эттилэр.
Билигин үлэлии турар сынньалаҥ киин 1956 сыллаахха тутуллубутун санатан туран, саҥа дьиэни тутарга экспертиза оҥотторорго улуус дьаһалтатын көмөлөһөллөрүгэр көрдөстүлэр.
Куруутун сир оҥоруутугар, сүөһү эбии аһылыгын дэлэтэргэ, тулалыыр эйгэ чэбдик буоларыгар үгүс этиилэри этэр, туруорсар Гаврил Винокуров быйыл да бэйэтин ыйытыктарыгар сөптөөх хоруйу ылла.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, чугас дьонугар уот, газ өҥөтүн төлөбүрүгэр тоҕо чэпчэтии көрүллүбэтин ыйыттылар. Ити ыйытыыга даҕатан, Намнааҕы РЭС салайааччыта дьиэҕэ уот ситимин холботууга байыаннай дьайыы ветерана буоларын бигэргэтэр докумуоннаах буоллаҕына чэпчэтии баарын эттэ.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар элбэх ыйытыы уонна этии киирдэ. Оскуола агро хайысхалаах буолан үгүс туруорсуулаах. Маннык тииптээх оскуолаларга сүөһү үлэтигэр сыһыарарга усулуобуйа тупсарыыта ыытылыан наадатын эттилэр. Үүт туттарыытын, ынахха көрүллэр субсидия туһунан, сайылыктарга, базаларга уот ситимин тардыы усулуобуйатын ыйыттылар. Ханна да буоллун хаһан да төлөрүйбэт, тыа сиригэр сөбө суох өртөөһүнү боппут сокуон, итиэннэ ааспыт сылтан үгүс толкуйу таһаарбыт “балбаах” сокуона таарыллыбакка ааспат буолла.
Николай Сокольников сылгы тутар базаларга, тэринэргэ уот ситимэ харгыһа суох тардыллара, сир боппуруоһа быһаарыллара буоллар нэһилиэк иһигэр аһатыа, тутуо суоҕа этилэр диэн тус санаатын тириэртэ. Мелиоративнай үлэни сөргүтэргэ, сири оҥорууга, туһаҕа таһаарыыга талаҕы, дулҕаны суох оҥоруу үлэтэ күүскэ ыытыллыан, агрооскуолалар үлэлэһэн ат миинэр, көлүйэр ыччаты иитэн таһаарыахтарын наадатын эттэ. Сылын аайы сылгыһыт күрэҕэр хамаанда да ахсааннааҕын эттэ. Билигин ат көлөнү туһаммакка үксүн буранынан, араас техниканан сылдьар буолбуттарын бэлиэтиир. Урут сылгыһыт үөрэҕэ диэн баар этэ диэн этэн туран, кини онно үөрэнэн күн бүгүн өбүгэлэрбит көлө оҥостубут үгэстэрин туһана сылдьарын этэр.
Бүгүҥҥү отчуокка Нам улууһуттан Ил Түмэҥҥэ депутат Александр Атласов кыттыыны ылан, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар киирбит ыйытыыларга, оскуола тутуутун, араас программалары өссө дириҥник быһааран биэрдэ.
Отчуоту истибит Модут олохтоохторо улууспутугар үгүс араас хайысхалаах үлэлэр ыытыллалларын, элбэх тутуу барарын этэн туран, улуус дьаһалтатын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Семен Аргунов