Аппааны бөһүөлэгин «Чороон» норуот айымньытын киинигэр Нам улууһугар коррупцияны утары үлэни сүрүннүүр сэбиэт Хатыҥ Арыы, Бөтүҥ, Ленскэй нэһилиэктэр муниципальнай сулууспалаахтарыгар, депутаттарга семинар ыытта.
Семинары коррупцияны утары үлэлэһэр Сэбиэт эппиэттээх секретара, Нам улууһун дьаһалтатын быраап боппуруоһун управлениетын начальнига Галина Охлопкова тэрийэн ыытта. Галина Николаевна – коррупция уонна муниципальнай сулууспаҕа интэриэс конфлигын быһаарыы туһунан; Нам улууһун дьаһалтатын финансовай управлениетын начальнига Екатерина Саввинова – 2023 сыллаах бэрэбиэркэлэр түмүктэрин, олохтоох бюджеты тыырыы, бюджет сокуонун тутуһуу; Нам улууһун муниципальнай тэриллиитин хонтуруоллуур-счетнай Палата бэрэссэдээтэлэ Наталья Попова – Палата аудиторскай үлэтин туһунан, бэрэстэбиитэллээх уорганнар уонна кинилэр полномочиеларын; Намнааҕы ис дьыалаҕа отделын сотруднига Михаил Шамаев – түөкүннээһин араас хайысхаларын, онтон хайдах харыстаныахха сөбүн туһунан бэрт дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриилэри оҥордулар. Семинарга уопсайа 30 киһи кыттыыны ылла. Быыһыгар хас туһааннаах тиэмэ аайы тутатына үгүс элбэх ыйытыылар бэрилиннилэр, онно сөптөөх хоруйдарын иһиттилэр.
Маннык бастакы семинары бэҕэһээ Хатырыкка үс чугас олорор нэһилиэктэри хабан ыыппыттар. Бу курдук тэрээһин салгыы атын нэһилиэктэргэ эмиэ ыытылларын туһунан Галина Охлопкова эттэ.
Надежда СИВЦЕВА